Перевод с якутского
дьадаҥы
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы не имеющий средств к существованию, бедный, неимущий. [Дьаакып:] Аныгы үйэҕэ дьадаҥы киһи оҕото байыан кэриэтэ баайдарга баһыгар дылы иэскэ барар буолбат дуо
English poor, meager
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Баайа суох, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох
Нууччалыы Не имеющий средств к существованию, бедный, неимущий. [Дьаакып:] Аныгы үйэҕэ дьадаҥы киһи оҕото байыан кэриэтэ баайдарга баһыгар дылы иэскэ барар буолбат дуо
Борокуоппай Хобороос диэн икки ынахтаах дьадаҥы ыал кыыһын кэргэн ылбыта. А. Бэрияк Онуоха тойон ыаллыы олорор дьадаҥы киһини ыҥыртаран ылар
Суорун Омоллоон
2 даҕааһын #
Тугунан эмэ итэҕэс, аҕыйах, татым
Нууччалыы Имеющий недостаток в чем-л., скудный
Ледниктэн соҕуруу диэки дьадаҥы үүнээйилээх туундаралар нэлэһийэн сыталлара. КФП БАаДИ. Персонажтар тыллара сымсахтар, дьадаҥылар ХС Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат (өс. хоһ.). Биһиги, дьадаҥылар, тулаайахтар, эмиэ дьоммут! Амма Аччыгыйа Ол эн сүөһү курдук үүрүллэ сылдьар дьадаҥыларыҥ тугу кыайан оҥоруох дьонноруй? С. Ефремов
3 аат тыл #
суолт. Баайа суох, мөлтөх хаһаайыстыбалаах, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох киһи
Нууччалыы Неимущий, бедняк
4 этии #
Нууччалыы Очень бедный, неимущий, нищий
Этиилэр
Буор дьадаҥы
олус дьадаҥы, өрүһүммэт гына дьадайбыт Уйбаан аҕата, буор дьадаҥы киһи, эдэр сааһыгар дьаҥҥа өлбүтүн кэннэ ийэтэ уонуттан тахсыбыт уолу аҕатын аймахтарыгар биир ынахтаан быраҕан баран, атын нэһилиэккэ эргэ баран хаалта.
Сааһым тухары буор дьадаҥы мин баарбын. Эрилик Эристиин Уодьаан диэн буор дьадаҥы киһи олорор балаҕаныгар көтөн түһэллэр. ХС
Быстар дьадаҥы
олус дьадаҥы, көммөт дьадаҥы олохтоох.
Крайне бедный, нищий.
Бу дойдуга бэл быстар дьадаҥылар, хамначчыттар күүстээх санаалаахтар, хайа да баайтан куттамматтар.
П. ОйуунускайИти мааҕын эн Борокуоппайга "куһаҕыын баҕайы" диэбит өтөххөр быстар дьадаҥы уоллаах кыыс холбоһоммут, түөрт уон икки сыл син буруо таһааран буккуруһан бараммыт арахсыбыппыт. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Бэл урукку батталлаах-үктэллээх үйэлэргэ быстар дьадаҥы саха киһитэ муҥнаах "үчүгэйтэн" атыны билбэт буолара. И. Аргунов