ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаный

туохтуур

Нууччалыы делать что-л. настойчиво, упорно, преследовать какую-л. цель

1 туохтуур #

Арахпакка, тохтообокко, утумнаахтык оҥор, туруоруммут сыалгын ситис

Нууччалыы Делать что-л. настойчиво, упорно, преследовать какую-л. цель

  • Хаһыаттар, рупордар, редпродуктордар ыһыы хаамыытын дьаныйан туран кэпсээтилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Оҕонньору] бу кэмҥэ икки оҕолоох уола Уус-Алдаҥҥа олус дьаныйан ыҥырда.
    Н. Габышев
  • [Өстөөх] аһылык ыскылааттарын, -- оттуктаах ыскылааттары дьаныйан буомбалаабыта
    ХС

2 туохтуур #

Өлөр, өһү-сааһы ситис

Нууччалыы Лишить жизни, отомстить кому-л

  • Саастаахпын дьаныйдым, "Өһөгөйдөөхпүн өлөрдүм! Өрөгөйдөөх үрдүк аата үрдүөтэ, Соргу-дьаалы тубуста!" – диэтэ. Ньургун Боотур. "Өстөөхпүн өһөрдүм, саастаахпын дьаныйдым!" – диэн Дьүкээбил [киһи аата] көхсө кэҥиир, хараҕа сырдыыр
    Н. Якутскай

«ДЬ» буукуба