ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиибэлээх

даҕааһын

Нууччалыы устраивающий смешные проделки, шутливый, склонный к озорству

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Дьону хаадьылыырын, дьээбэлиирин сөбүлүүр, дьээбэтинньик идэлээх

Нууччалыы Устраивающий смешные проделки, шутливый, склонный к озорству

  • Дьэ, бу уол бэрт дьиибэлээх уол, туох эрэ улахан дьиибэни санаабыта буолуо.
    П. Ойуунускай
  • Уой, Петя, дьиибэлээх да уолгун ээ, хайа эдэр киһи кыыска "дорообо" диэн баран, баһын эрэ тоҥхос гыннарар үһү.
    С. Ефремов
  • Кини туох да куһаҕан санаата суоҕун иһин, ис-иһиттэн тэбэнэттээҕэ, дьиибэлээҕэ, дьону үтэн-анньан, тургутан көрөр идэлээҕэ
    ВНГ ГОПХ

2 даҕааһын #

Киһи өйдөөбөт, киһини дьиктиргэтэр туох эрэ уратылаах

Нууччалыы Необычный, непонятный, странный

  • Ол эрэн көстүбэт буолуохпун Билигин, кэбис, баҕарбаппын: Уон араас дьиибэлээх оҥоһуугун Соҕотох төбөбөр ылыммаппын.
    П. Тобуруокап
  • Дьикти сэп банаар дьиибэлээх да буолуо. Сииктээх сиргэ уурдахха сиилэтин ситиэ, Ууга уктахха – умайан күлүмнүө. Күн Дьирибинэ. Ким эрэ дьиибэлээх боппуруоһу ыйыппытыгар дьоннор күлсэн күүгүнэстилэр
    В. Протодьяконов

3 даҕааһын #

Дьону атаҕастабыллаахтык күлүү-элэк оҥостон көччүргүүр идэлээх

Нууччалыы Любящий зло потешаться, издеваться над людьми

  • Доодор кулуба хайа да былыргы саха тойотторуттан, баайдарыттан ордук суостаах, ордук баттыгастаах, ордук дьиибэлээх киһи эбитэ үһү.
    Саха фольк
  • Сир уйбат Сидьиҥ дьиибэлээх сиргидэх Бэлэһин бэтэтин. ТТИГ КХКК. Кини олус өйдөөх буолан баран, дьиибэлэрдээх, дьэбир майгыннаах киһи. Л. Толстой (тылб.)

4 даҕааһын #

Туох эрэ дьиибэни оҥороору гыммыт курдук көрбүт, тэбэнэттээх (харах туһунан)

Нууччалыы Озорной, хитрый, насмешливый (о взгляде, о глазах)

  • Полковник Беляев элэктээбит курдук дьиибэлээх харахтарынан өрүс уҥуор диэки көрөр.
    Т. Сметанин
  • Кини Ньомор Турантаайап сып-сырдыгынан уонна дьиибэлээх кыымнарынан ыһыахтаммыт харахтарын мыналыччы көрөн кэбиһэр.
    Л. Попов
  • Уртуут курдук хамсыы, куруук күлэ сылдьар дьиибэлээх харахтардаах уол учууталлары бэйэлэриттэн таһаарара
    ХС

«ДЬ» буукуба