Перевод с якутского
дьикти
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы удивительный; необычный; чудесный
English amazing, extraordinary, wonderful
Ис хоһооно · 9
1 даҕааһын #
Нууччалыы удивительный; необычный; чудесный
English amazing, extraordinary, wonderful
дьикти ырыа чудесная песняa wonderful song
2 аат тыл #
Нууччалыы чудо
English miracle
дьиктини көр увидеть чудоto see a miracle
3 даҕааһын #
Туох эрэ туспалаах, уратылаах, атыннаах, уһулуччулаах (киһи урут көрбөтөх-истибэтэх, үөйбэтэх)
Нууччалыы Необычный, необыкновенный, исключительный, оригинальный (ранее невиданный, неслыханный)
Сорох ардыгар [Кулаковскай] туох эмэ дьикти садаачалары таайтаран, биһиги актыыбынаспытын эмиэ бэркэ көтөҕөрө.
Суорун ОмоллоонДьэ ити дьикти [түһэн баран эстибэт] буомбалар быыстарынан биһиги чаастарбыт өстөөх кэтэҕэр ааспыттар. Т. Сметанин Киэҥ сирдэртэн кэлэр араас дьикти сонуҥҥа, аллаах ат сэлиитинэн тилийэ сүүрэр дьиэ таһынааҕы сээкэй сурахха-садьыкка даҕаны ким баҕарар утаппыт курдук наадыйааччы У. Нуолур
Өссө холобурдар (3)
Саха сирин бастакы дьиктитэ – алмаас, оттон иккис дьиктитэ – ГЭС.
Суорун ОмоллоонӨй, үлэ күүһүнэн Өссө дьиктини айыахпыт, Үөрэх, билии күлүүһүнэн Өлбөт мэҥэни аһыахпыт! Күннүк Уурастыырап Биитэр, аҕыйах үһү дуо – оҕо эрдэҕиттэн улаатыар диэри туох эмэ кэрэни, дьиктини айарга, суруйарга дьулуспут? С. Федотов
4 даҕааһын #
Олус кэрэ, олус үчүгэй
Нууччалыы Чудный, чудесный, прекрасный, отличный
Оо, дьэ, кэпсиэхтэн кэрэ, этиэхтэн дьикти айылҕа ийэ барахсан олус да силигилээбит!
П. ОйуунускайОл эрээри сайын Чурапчыга сылдьыбыта Сережаҕа билигин кэрэ түүл курдук дьикти өйдөбүл буолан кэлэ турар.
Н. ЛугиновКини [Ойуунускай] саҕа иһиттэн дьикти кэрэ музыкальнай хоһоонноох поэт сахаҕа баарын мин билбэппин.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
Тэлгэһэ эҥин дьикти сибэккинэн көбүөрдүү симэммит С. Васильев Ол киһи бу сиргэ үктэммит Бардамнык байаары, Былыргы оҥоһук дьиктитин Уораары, талаары. С. Данилов Маша айылҕа араас дьиктилэрин, саҥа көрбүт курдук, кэрэхсээн одуулаата. М. Доҕордуурап Тыаҕа таҕыс, ходуһаҕа киир - барыта биир дэхси кэрэ, барыта биир дэхси дьикти А. Бэрияк
5 даҕааһын #
Олус, сүрдээх, сөҕүмэр (быһаарар тылын күүһүрдэн биэрэр)
Нууччалыы Удивительный, изумительный, поразительный (усиливает определяемое слово)
Бүгүн тымныыта дьэ дьикти. Бүөккэ уол санаатын кытаанаҕа, саҥатын эрчимэ дьикти. А. Сыромятникова Баһылайым эмиэ баар. Сэгэйбитэ-ходьойбута диэн дьикти ХС
Өссө холобурдар (3)
Мин өрүү көрдүүбүн дьиктини, Ол оннук буоллаҕа оҥоһуум, туох билиэй өлбөт да мэҥэни Көрдөөммүн, мин баҕар, булуоҕум. И. Гоголев Кумахха эбэтэр күөллэргэ Сытабыт биһиги булчуттар. Күһүҥҥү хараҥа түүннэргэ Дьиктилэр көстөр курдуктар. И. Эртюков Материализм дьиҥ баары, үөрүйэҕинэн уонна науканан бигэргэтиллэри эрэ билинэр, ол-бу дьиктилэри, абааһылары, айыылары билиммэт. ДИМ. П. -монг. дьигтэй
6 даҕааһын #
Киһини дьиибэргэтэр, өйдөммөт, муодалаах
Нууччалыы Странный, чудный, непонятный
Мин санаабар, бииргэ айаннаан барбыт дьонун кытта уҥуор туораабатаҕа дьикти. А. Сыромятникова Кууһума тус бэйэтин олоҕо ити кэпсээбит кэпсээниттэн итэҕэһэ суох дьикти эбит Н. Павлов
7 аат тыл #
Киһи сөҕөр-махтайар, сонургуур түбэлтэтэ; киһи үөйбэтэх суола
Нууччалыы Что-л. необычное, необыкновенное, оригинальное
8 аат тыл #
Туох эмэ олус үчүгэй, кэрэ
Нууччалыы Что-л. прекрасное, поразительное
9 аат тыл #
Айылҕа биллибэт, өйдөммөт көстүүтэ, киһи бэйэтэ өйүгэр-санаатыгар оҥорон итэҕэйэр туга эмэ (хол., абааһы, таҥара, өлбөт мэҥэ уута о. д. а.)
Нууччалыы Что-л. сверхъестественное, непонятное, необъяснимое (явление, сила, во что люди верят, напр., черт, бог, живая вода и т. п.)