Перевод с якутского
дьиктикэй
даҕааһын
Нууччалыы прекрасный, чудесный, дивный
1 даҕааһын #
, поэт
Утатан-утатан бараммын Уот куйааска кымыһы Биир тыынынан иһэрим Минньигэһэ дьиктикэйин! В. Миронов Бэйэтэ хаамар от охсор, Бэттиэмэни хотор Маннык массыына Баар буолар диэн Баҕарар да этибит, Дьэ кэллиҥ Дьиктикэйдээх массыынабыт. К. Туйаарыскай Кини [В. Маяковскай] айбыт дьиктикэйдээх хоһоонноро уонна поэмалара өссө ордук киэркэйэн иһэллэр. В. Маяковскай (тылб.)
2 даҕааһын #
Үчүгэй, олус бэрт
Нууччалыы Прекрасный, чудесный, дивный
3 даҕааһын #
Киһини дьиктиргэтэр, дьиибэргэтэр
Нууччалыы Вызывающий удивление, необычный, поразительный
"Дьиктикэйин көр!" – диэтэ Дьиибэргээбит оҕонньор. Онуохаҕа уол эттэ: "Артыал саҥа олоҕор Сарсын көһөбүт бүттүүн. Былыргыны өйдөтөр Былаҕайдаах өтөхтүүн Бырастыылас, оҕонньор!" Эллэй