Перевод с якутского
дьиктиргээ
туохтуур
Нууччалыы приходить в удивление, недоумение от чего-л., заинтересоваться
1 туохтуур #
Туох эмэ дьиктини көрөн, билэн сөх, муодарҕаа
Нууччалыы Приходить в удивление, недоумение от чего-л., заинтересоваться
Биһиги үһүөн даҕаны, түүн от быыһыгар уот умайарын [дьиҥинэн, сырдыыр хомурдуостары] көрбөтөх дьон, бастаан дьиктиргээтибит. И. Сосин Күөл мууһун ортотугар күөс курдук оргуйбут ыыс туманы көрөн, Өлүөскэ бэркэ дьиктиргии санаата. Эрилик Эристиин "Таисия Захаровна [нуучча кыыһа] маҥнай кэллэҕин утаа, сахалары дьиктиргии, сөҕө көрөр этэ. Букатын билбэт кыыстарыгар, кыыл таба тылын, эһэ сыатын, хатыыс, араҕас соболору кэһии ыытар этилэр" Л. Попов
2 этии #
Нууччалыы Удивляется, изумляется, недоумевает, имея на то основание, правомерно
Этиилэр
Дьиктиргиэҕин дьиктиргиир
сөпкө дьиктиргиир, дьиктиргиэх суолга дьиктиргиир Кырдьык дьиктиргиэхтэрин дьиктиргииллэр.
Аппырыыс бачча сааһыгар диэри тиэргэниттэн ханна да ыраата илик. И. Гоголев
Дьиктиргиэҕинэн дьиктиргээтэ
олус наһаа, сиэрэ суох дьиктиргээтэ.
Весьма удивился, поразился.
Туох-туох буоларый,
диэн Кууһума дьиктиргиэҕинэн дьиктиргээтэ.
[Торуой уолунаан тоҥустарга хонон баран, бараары турдахтарына дьиэлээхтэр бары тахсан атаарбыттарыттан, кыыстара кэри-куру буолбуттарыттан]. Н. Павлов