Перевод с якутского
дьиэрэҥкэйдээ
туохтуур
Нууччалыы танцевать, подскакивая на одной ноге, одновременно приподнимая и отвода другую ногу то вперед, то назад
1 туохтуур #
Аҥаар атаххар чэпчэкитик иккилиитэ өрө тэйэн, ол кэмҥэ атын атаххын илин-кэлин эйэҥнэтэн үҥкүүлээ
Нууччалыы Танцевать, подскакивая на одной ноге, одновременно приподнимая и отвода другую ногу то вперед, то назад
Оҕо сааспыт бэһиэлэй Оһуокайын оонньуубут, Кыһыл көмүс кыым курдук Дьиэрэҥкэйдии ойобут. Эллэй. Маайыс – бурдук ото "кырыымпатын" дьабадьытынан өрө үрэн кэбиһэр да өрүтэ ойуолаан дьиэрэҥкэйдээбитинэн барар Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
Аҥаардыы атаххынан иккилиитэ өрүтэ ойуоккалаан сүүр
Нууччалыы Бегать, подскакивая попеременно то на одной, то на другой ноге
Кыыс оҕонньорго утары дьиэрэҥкэйдээн кэллэ, икки илиитин даллах гынаат, моонньуттан кууһа түстэ. Л. Попов Зоя бэйэтэ ханна эрэ кыһыл хаалтыстаах, саҥа бачыыҥкалаах сааскы чаҕыл сарсыарда дьиэрэҥкэйдээн баран иһэрэ Н. Габышев
3 туохтуур #
Өрүтэ көппөхтөө, өрүтэ тэйбэхтээ; дьиримнээ
Нууччалыы Подскакивать, отскакивать; мелькать, рябить
Бөдөҥ, ыарахан таммахтар, оҥхой сир халыйбыт чалбахха түһэн, дьиэрэҥкэйдээн тэйдилэр. Софр. Данилов. Оттон синньигэс тарбахтара рояль маҥан клавишаларын устун имигэстик дьиэрэҥкэйдииллэр, кылыйбахтыыллар, эмиэ да өрүтэ көппөхтүүллэр.
Г. КолесовЛена мааны кыргыттара - Эһиэхэйдьит долгуттар Чэйиҥ, көтүҥ дэспиттии, Дьиэрэҥкэйдии сырсаллар, Таастаах дьирбии биэрэккэ Тахсан саһан хаалаллар. Т. Сметанин Ыраас тунал салгыҥҥа, Ыраата, арыт чугаһыы – Дьэргэлгэн өрө көттө, Дьиэрэҥкэйдээн ылла А. Бэрияк