ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

битий

туохтуур

Нууччалыы издавать быстро и равномерно повторяющийся дробный стук

English to dance at one place

1 туохтуур #

Биир тэҥ субуллук хатыланар лигийэн эрэр курдук тыаһы таһаар

Нууччалыы Издавать быстро и равномерно повторяющийся дробный стук

  • Сотору мотуор үлэлээн битийдэ.
    Н. Габышев
  • Барабаан дирбийэр, үрүт-үөһэ битийэр.
    ХС
  • Ыттар үрэллэр. Эмиэ мотуор киһи сүрэҕинии битийэр.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (4)
  • [Саала иһэ] олус итийдэ, оччо-бачча муусука баара иһиллибэт да буолла. Биир кэм сүүһүнэн атах тыаһа битийэр
    Н. Лугинов
  • Күүскэ субуллук тэбиэлээ (сүрэх туһунан). Θ Сильно, равномерно биться (о сердце). Сүрэҕэ күүскэ тэбэн битийэр.
    Н. Габышев
  • Кыыс оҕо хаҥыл сүрэҕэ битийэн тэптэ, иэдэһигэр хаана оонньоон, кулгааҕын эминньэҕэ кытта кытарда.
    М. Доҕордуурап
  • Куула, халдьаайы тыа улаҕаларын диэки өрүһүйэ-өрүһүйэ, үрүт-үрдүгэр битийэн, кэҕэ кыыллар дорҕоонноох куоластара лоҥкунаан иһиллэр
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Өрүтэ көтүөккэлээн, тыастаахтык лигийэн ыстаҥалаа, үҥкүүлээ

Нууччалыы Прыгать, плясать, громко топая ногами. [Аркаша] үҥкүүлээн битийдэ, тибиистээн тиҥийдэ

  • ДьИэБ. Ойуун эккирээн битийэн аартыктанар, ол быыһыгар мээнэ кутурар.
    Эрилик Эристиин
  • [Ойуун] ойон туран, аллаах ат сиэлэн иһэрин курдук, битийбитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Акыллыбыт үрдүк уҥуохтаах киһи уҥа-хаҥас хайысхаламмытынан, кыараҕас-кыараҕастык атыллаан трибунаҕа битийэн кэллэ.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (3)
  • Ат сиэлэн иһэрин курдук, битийбитинэн барда
    Амма Аччыгыйа
  • Биир сиргэ салгыҥҥа уйдаран кынаккынан дайбана тур. Θ Биться, трепетать в воздухе (о птицах). Күөх хонуу чэлгийэр, Күөрэгэй күөрэйэн битийэр.
    С. Васильев
  • Кини айылҕаны кытта тэҥҥэ ситэн-хотон испитэ. Күөрэгэй биир сиргэ битийэ турарын дьиктиргиирэ
    Н. Босиков

«Б» буукуба