ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үҥкүүлээ

туохтуур

Нууччалыы танцевать, плясать

English to dance

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Музыка ириитимигэр сөп түбэһиннэрэн бүтүн бэйэҕинэн имигэс хамсаныылары оҥор

Нууччалыы Танцевать, плясать

  • Кыргыттар, эчи, үҥкүүлээн сэгэйдэхтэрэ үчүгэйин, сиртэн-буортан тэйэ-тэйэ түстэхтэрэ чэпчэкитин.
    Суорун Омоллоон
  • [Вера:] Эн күлэн-оонньоон, үҥкүүлээн, муусукалаан эрэргин мин букатын көрө иликпин.
    С. Ефремов
  • Лена үҥкүүлүүрүн олус сөбүлүүрэ
    ХС

2 туохтуур #

Сахалыы оһуохайдаа

Нууччалыы Танцевать якутский осуохай

  • Ыллыыр тайҕа, туундара, Оһуохай үҥкүүлүү, Ыллыыр көмүстээх Алдан, Алмаас таастаах Бүлүү. Эллэй. Оһуохайга икки түһүлгэнэн үҥкүүлээбиттэр. Саха мындыр суота. Оһуохайы үҥкүүлүүргэ үөрэнии
    Сахаада

3 туохтуур #

Үҥкүүлүүр курдук эйэҥнээ, дьиримнээ, тэйиэлээ (туох эмэ хамсыырын этэргэ)

Нууччалыы Колебаться, колыхаться, подпрыгивать (о чем-л. двигающемся)

  • Уот төлөнө үҥкүүлээн бүгүллэҥниир.
    Амма Аччыгыйа
  • Намыын хаар үҥкүүлүүр кыталык үҥкүүтүн, Мин биллим бастакы хаар ыраас үөрүүтүн.
    С. Данилов
  • Күөл уутун ньууругар мөлүйүөн таммахтар Көрүөхтэн дьиктитик тэйдилэр, Үлүскэн күүстээхтик куугунуур ардахтар Үҥкүүлээн дьиэрэҥкэй тэптилэр.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Сыһыыга дьэргэлгэн үҥкүүлүүр
    Кыым

4 этии #

Нууччалыы Чувствуя превосходство, обижать, оскорблять кого-л. (букв. на нем танцует). [Уйбаан:] Өлбүтүм кэннэ үрдүбэр да үҥкүүлээтиннэр

Этиилэр

Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлээ көр арҕас

  • Мордьо күтэр муҥнааҕы Муннун-уоһун мускуйан, Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлүүрүм Үчүгэйин баҕаһын.
    С. Данилов

Үрдүгэр үҥкүүлүүр

көҥүл атаҕастыыр, талбытынан дьаһайар А.

  • Софронов. Итиччэ үрдүгэр үҥкүүлээбит обургулар мантан антах тэбиэриһиэхтэрэ.
    ХС
  • Кэллэ кэлээт бэрт былдьаһар, сүгүннээбэт, мин үрдүбэр үҥкүүлүүр хотун буулаата быһыылаах ди санаабыта. "ХС"

«Ү» буукуба