Перевод с якутского
дьиҥнээх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы настоящий, реальный, подлинный
English real, genuine, valid
Ис хоһооно · 7
1 даҕааһын #
Чахчы, чахчы баар (сымыйа буолбатах)
Нууччалыы Настоящий, реальный, подлинный
Биһиги сөмөлүөттэрбит үс-түөрт эрэ дьиҥнээх буомбалары бырахпыттара, онтон уратытын – эһиннэҕинэ киһини өлөрбөт, тыас эрэ таһаарар, буомбалары быраҕаттаабыттара. Т. Сметанин Мин санаабар, баайдар бас билэр сирдэригэр дьиҥнээх мээрэйи ыытар буоллар, аҥаарынан эбиллэн тахсыа этэ. М. Доҕордуурап Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии – ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Киһи урут дьиссипилиинэ дьиҥнээҕэ аармыйаҕа эрэ баар диэн саныыра. Амма Аччыгыйа Дьиҥнээҕэ хайдах буолбутун билээри истибит дьонтон туоһуластылар
Н. Лугинов
2 даҕааһын #
Айылҕа биэрбитинэн сылдьар, оҥоһуу (искусственнай) буолбатах
Нууччалыы Натуральный, естественный (естественного происхождения), неискусственный
Дьиҥнээх солко. Дьиҥнээх кээмэйинэн оҥоһуллубут мэтириэт. Дьиҥнээх тиистэрэ түспүттэрэ өр буолла, билигин тэбис-тэҥ кэчигирэспит оҥоһуу тиистэрдээх ХС Пааматынньык дьиҥнээҕэ. "Сурук" дьиҥнээҕэ (оригинал) эрэ көстүбүтэ ХС
3 даҕааһын #
Ис иһиттэн, ис сүрэҕиттэн кыһаллар-мүһэллэр, тус дьыалатыгар бэриниилээх
Нууччалыы Самый настоящий, истинный, верный, преданный своему делу
Дьиҥнээх сэбиэскэй киһи хаһан да дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр буолааччы.
Суорун ОмоллоонДьиҥнээх булчут булдун кырыһыттан быһа хаһан да өлөрбөт, – инникитин толкуйдаан бултуур. Далан Дьиҥнээх учуонай диэн хайдах эмэ гынан [научнай үлэтигэр] ордук бириэмэ босхолонорун туһугар кыһалла сылдьыахтаах киһи буоллаҕа В. Яковлев
4 даҕааһын #
Олоххо чахчы баар
Нууччалыы Реальный, действительный
Дьиҥнээх хамнас. Дьиҥнээх күүс. 1970 сыллаахха, 1913 сылы кытта тэҥнээтэххэ бырамыысылыннас уонна тутуу оробуочайдарын дьиҥнээх дохуоттара 8 төгүл -- улааппыта И. Аргунов
5 аат тыл #
Чахчы, саамай кырдьыктааҕа, хайдах баара
Нууччалыы Реальность, действительность, сущая правда, истинность
6 аат тыл #
Бэйэ эт илиитинэн оҥорбут, суруйбут үлэтэ, экземпляра (куоппуйа буолбатах)
Нууччалыы Оригинал
7 этии #
Нууччалыы Действительная военная служба
Этиилэр
Дьиҥнээх сулууспа
анал байыаннай чаастарга ыҥырыллан, чопчу кэмҥэ баран сулууспалыыр сокуонунан олохтоммут эбээһинэс, байыаннай сулууспа Сэрии саҕаланан, бары сулууспалыах тустаах буолбуттарыгар, кини [кинээс Андрей] дьиҥнээх сулууспаҕа барымаары, аҕатын
салалтатынан ополчениены хомуйар дуоһунаска киирбитэ.
Л. ТолстойССРС Министрдэрин Сэбиэтэ бэйэтин боломуочуйатын иһинэн: "дьиҥнээх байыаннай сулууспаҕа сыл ахсын ыҥырыллыахтаах гражданнар контингеннарын быһаарар". ССРС К
Дьиҥнээх чилиэн
сорох научнай тэрилтэлэр, обществолар чилиэннэрин бочуоттаах аата.
Действительный член – почетное звание члена некоторых научных учреждений, обществ.
Наукалар академияларын дьиҥнээх чилиэнэ