ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьоһун

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы полезный, имеющий большое значение; важный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Дьоҥҥо туһалаах, суолтатынан да, кэриҥинэн да улахан, боччумнаах

Нууччалыы Полезный, имеющий большое значение; важный

  • Кылбановскай биһиэхэ – аптарытыат. Союзка дьоһун үлэлэри биэрбит эһиги обсерваторияҕыт аата кини аатын кытары сибээстээх!
    В. Яковлев
  • Египеккэ кулуттар общинник бааһынайдардааҕар аҕыйах этилэр, ол гынан баран дьоһун суолталаах үлэлэри толороллоро: сири нүөлсүтэллэрэ, бадарааны куурдаллара
    КФП БАаДИ

2 даҕааһын #

Дьоҥҥо ытыктатар, түспэ

Нууччалыы Почтенный, значительный, представительный

  • Дьоһун киһи сототугар мэҥнээх (тааб.: бөрө бөтөҕөтө). "Оҕонньор" дииллэр да, Хонооһой саас ортотун эрэ ааспыт, симпит курдук киппэ көрүҥнээх, нус-хас, дьоһуннаах киһи, ол иһин оҕонньор аатырдаҕа.
    И. Никифоров
  • Аана үрдүк үөрэхтэнэн, институту бииргэ бүтэрбит уолугар, латышка, кэргэн тахсан, Балтика биэрэгэр тиийэн биэс оҕолоох дьоһун ыал ийэтэ буолан олорор.
    П. Аввакумов
  • Бу эрэйдээхтэр – биһиги бу дьоһун поэты биир эмэ хоһоонун аах диэбэтэх абабыт баар
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Нуучча омук дьоһуннара, Саха омук талбалара Дьон-норуот дорҕоотторо – Оннук туйгун тааска Олус умсугуйбуттар. Эллэй. Ср. др. тюрк. йосун ‘правило’

3 даҕааһын #

Астык, оттомноох

Нууччалыы Достойный, серьезный, деловой

  • Эллэй Боотур үтүө майгылаах, кэрэ дьүһүннээх дьоһун киһи буолан, Омоҕой кыргыттара баҕарар, таптыыр буолтар.
    Саха фольк
  • Тумус тыа тостор тоҕойуттан Туруорбах балаҕан саҕа Чоруун тимир чуор болгуо Дьоһун көлө [тыраахтар] чугуруйбакка дьулуруйан тахсан кэллэ. Саха нар. ыр. III. Хуор дьонун ырыалара тарҕана бытанан, кини эрчимнээх, дьоһун куолаһын тула сэлэлээн аргыстаһан бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Быраабаҕа киирэн икки хонон тахсыбыта, дьэ, ол, кырдьык да, дьоһуна суох
    Күндэ
Өссө холобурдар (2)
  • Дьоҥҥо биһирэтэр, үтүө, үчүгэй. Θ Прекрасный, приятный, нравящийся людям. Уулаах төһө да дьүдьэх буолбутун иннигэр, акаары киһи буолбатах, хата кини өйтөн тахсар биир дьоһун идэлээх. Бу идэ – олоҥхоһут идэ буолар.
    Эрилик Эристиин
  • Итинник улахан быһыты тутар кыайтарара буоллар дьоһун суол буолуо этэ
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

суолт. Кыахтаах, астык, үтүө киһи

Нууччалыы Достойный, замечательный, добрый человек

«ДЬ» буукуба