ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэбин

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ржавчина

English rust

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Металл салгыҥҥа оҕустаран, сииккэ ылларан буорту буоларыттан тахсар араҕастыҥы-кыһыл, кытархай, кирпииччэ, чаҕылхай халлаан күөхтүҥү, от күөҕэ (хол., алтаҥҥа) дьүһүннээх көлбөх, хох

Нууччалыы Ржавчина

  • Дьэбиҥҥэ ылларбыт. Дьэбин быһа сиэбит. Дьэбинин ыраастаа.
  • Алтан, көмүс дьэбинэ туох да сүрдээх күүстээх дьаат буолар куолута.
    А. Софронов
  • Тимири дьэбин кэбирэтэр, киһини санаа алларытар.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Сахалыы тыл баарын тухары, Эн тылыҥ дьэбиҥҥэ сиэппэтин
    Эллэй

2 аат тыл #

Санаа-майгы сүлүһүнэ, хоһоҕо, куһаҕана

Нууччалыы Ехидство, злопамятность в характере человека

  • Сууйуом-тарыам Дьэбиҥҥит, ньоҕоххут килбэйиэр диэри, Өйгүт-сүрэххит ырааһырыар диэри
    И. Алексеев
  • Соххор содуома буолла, ый быыһа дьэбин кугас хараҥа тиксиһэ түһэн кэбистэ. ПЭК ОНЛЯ I. [Кытай Бахсылааны уус] Аҕыс анньыыны Адаарыччы аспыт курдук, Дьэбин күөх тиҥсири хара тиистэрэ Дьэбидийэн атыгыр гына түстүлэр.
    П. Ойуунускай
  • Күөх от араас өҥө – сырдык изумруд таас өҥүттэн оливковайга диэри, чаҕылхай күөхтэн дьэбин курдук араҕаска уонна күрэҥҥэ диэри – сүҥкэн хартыынаҕа курдук улахан куччугуй толбон буолан дэлэйэн сыталлар.
    ДСН Т

3 даҕааһын #

суолт. Дьэбин курдук (араҕастыҥы-кыһыл, кытархай, кирпииччэ, чаҕылхай халлаан күөхтүҥү, от күөҕэ) өҥнөөх

Нууччалыы Рыжий, цвета ржавчины (желтоватого, желто-красного, красно-бурого) цвета

4 этии #

Нууччалыы Ощущение неприятного, горьковатого вкуса во рту (у человека нездорового или накануне много выпившего). [Яков] төбөтө дыҥ курдук, -- Айаҕа дьэбин курдук амтаннаммыт

Этиилэр

Дьэбин амтаннаммыт

айаҕын амтана кубулуйбут, куһаҕан, хабархай амтаннаммыт (ыалдьан, арыгылаан) Бэлэһэ кууран хаалбыт – утаппыта олус. Н. Заболоцкай. Дьэбин сирэй үөхс. – күлбэт-үөрбэт, хаана кэйбэт, тымныы, дьэбидийбит сирэйдээх киһи.

Ржавая рожа (о человеке с бесцветным лицом, с холодным, суровым выражением).

  • Дьэ, хотуой, Дьэс иэдэс, Дьэбин сирэй, Хобуох эмэһэ, Хойуос тумус – Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм буолуо.
    П. Ойуунускай
  • "Аҕам өстөөх хаххата Буолла, сууттааҥ!" диэбитэ.

Ити иһин Павелы Кини өстөөх эһэтэ

дьэбин сирэй Сергей, Өлөрөөрү – кынчаалы Түүнү быһа биилээтэ.

  • Эллэй.

Дьэбин уоһуй (уос)

1) сөбүлээбэккэ кыыһыран, күлүгүр, тыйыһыр (сирэй туһунан).

Потемнеть лицом (от злости, гнева), помрачнеть.

  • [Сэдьүк оҕонньор] дьэбин уоһуйа түһээт, Уйбаанча диэки сүр хатыылаах баҕайытык көрбөхтөөбүтэ.
    Н. Якутскай
  • // Иҥиэтин, уорастый, тыйыһыр (хаан-сиин, киһи көрүҥэ бүтүннүүтэ). Иметь угрюмый, неприступный, (мрачный) вид. Бадаайкын хаана-сиинэ быһытталанан, уруккутунааҕар өссө ордук дьэбин уоһуйбут этэ.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (3)
  • Валерий быһыыта-майгыта биллэ уларыйда. Күлбэт-оонньообот, биир кэм дьэбин уоһуйан сылдьар. Софр. Данилов. Мин эйигин кууспут күммэр Иккиһин төрөөбүтүм. Урукку дьэбин уоспут Дуолан Хара оннугар Ыраас халлаан боотура, өттүк баттанан Күлэн күлүмнүү турара. И. Гоголев; 2) дьиппиэн, дьэки-курус буол, курас, тымныы көрүҥнэн (үксүгэр айылҕа көстүүлэрин этэргэ). Становиться хмурым, мрачным, пасмурным, приобретать неуютный, холодный вид (обычно о явлениях природы). Былыт ордук хойуннаҕына, халлаан дьэбин уоһуйан, ыгыллан кэлитэлиир.
    Амма Аччыгыйа
  • Саҥардыыҥыта аҕай үөрэ-көтө, тигинии-таҕыныы олорбут сайылыктар иччитэхсийэн, чуумпуран, дьэбин уоһан хаалбыттара.
    Н. Заболоцкай
  • Хара тыа дьэбин уоһуйан иччилээхтик хараара барыйан турар. П. Филиппов

5 этии #

Нууччалыы Темный, красно-бурый (о цвете)

Этиилэр

Дьэбин уутун курдук

боруҥуй, кытарымтыйар, боруор (өҥнөөх) Кини дьэбин уутун курдук боруҥуй харахтаах, орто уҥуохтаах, түөрт уончатын ааһан эрэр киһи.

  • М. Доҕордуурап.

Дьэбин дьиэһий көр дьэбин уоһуй (1)

  • Улуу Кудаҥса обургу -- дьэ, эбии дьэбин дьиэһийдэ, дьэ, эбии тыйыс дьүһүннэннэ. П. Ойуунускай

«ДЬ» буукуба