Перевод с якутского
дьэбиннир
туохтуур
Нууччалыы ржаветь
English (chemistry) to rust
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы ржаветь
English (chemistry) to rust
быһах дьэбиннирбит нож заржавелthe knife rusted
2 туохтуур #
Дьэбиҥҥэ ыллар, дьэбиҥҥэ сиэт
Нууччалыы Ржаветь, заржаветь, покрываться ржавчиной
Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр (өс хоһ.). Манчаары батыйата билиҥҥэ диэри Элиэнэ эбэ эрэлийэр чүөмпэтигэр Дьэбиннирэр диэни билбэккэ Дьэрэлийэ оонньуу сытар үһү И. Гоголев
3 туохтуур #
Бастакы ыраас, кэрэ көрүҥҥүн сүтэр, дьиэктэн, омсолоох, мөлтөх өрүттэн; кыыкынаа, кэһиэҕир (хол., өр кэмҥэ саҥарбакка, ыллаабакка)
Нууччалыы Лишаться первозданной красоты, чистоты, свежести, здоровья, заиметь изъяны, отрицательные черты: хрипоту, сипение
Мин сүрэҕим түүнүгүрбэт, сытыйбат, дьэбиннирбэт, киртийбэт оҥоһуулаах. И. Гоголев Өрөөбүт уоһум өһүлүннэ, Дьэбиннирбит күөмэйим дьэҥкэрдэ. С. Васильев Хомус хоһуйар аналлаах: Хоһуйбатаҕына – дьэбиннирэр С. Данилов
4 туохтуур #
Дьэбин курдугунан, өһүөннээхтик, кырыктаахтык көр, өһөҕүр
Нууччалыы Смотреть жестким, злым, враждебным взглядом, темнеть
Маппый оҕонньор Дьэбиннирэ өһөҕүрбүт харахтара өһөгөйдөөх өс-саас уотунан кыыспыттар. Софр Данилов