ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэбиннээх

даҕааһын

Нууччалыы ржавый, заржавленный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Дьэбиннээх тимир үлэҕэ күлүмүрдүүр (өс хоһ.). Онон тугу барытын, бэл, дьэбиннээх тоһоҕотугар тиийэ, кылахтаһарга тиийиллэрэ.
    В. Яковлев
  • Күн халлаан оройугар дьэбиннээх алтан тэриэлкэ түгэҕин курдук өлбөөдүйэн көстөр
    Эрилик Эристиин

2 даҕааһын #

Дьэбиҥҥэ сиэппит, дьэбин сөҥмүт

Нууччалыы Ржавый, заржавленный

3 даҕааһын #

Дьэбин курдук өһөх кыһыл, кытарбыт, кирпииччэ өҥнөөх

Нууччалыы Ржавого (багрово-красного, красноватого, кирпичного) цвета

  • Сэттэ көс усталаах Дьэбиннээх ууну Тиэрэ дэбилитэн таһаардылар.
    П. Ядрихинскай
  • Суудап -- эргиллэ түһэн, дьэбиннээх хараҕынан киҥнээхтик көрөн килэпис гыннарда
    Амма Аччыгыйа

4 даҕааһын #

Куһаҕан санаалаах, кырыктаах

Нууччалыы Недоброжелательный; злобный

  • Биирдэм бас билиинэн тутулуктаах үйэҕэ ким дьэбиннээх сүрэхтээх, уодаһыннаах өйдөөх "халлаан хабарҕатынан: муора тобугунан" буолан олорор
    Суорун Омоллоон

5 даҕааһын #

Олус дьулаан, тымныы (хол., быраҕыллыбыт өтөх кыһыҥҥы салгына)

Нууччалыы Обдающий могильным холодом (напр., воздух в заброшенном жилье зимой)

  • Дьэбиннээх тыйыс салгын тыбыс тымныынан саба биэрдэ
    Н. Заболоцкай

«ДЬ» буукуба