ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэрэкээн

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы ярко-пестрый, цветастый, со всевозможными узорами, узорчатый

1 даҕааһын #

Эҥин араас өҥнөөх, дьүһүннээх, ала-эриэн ойуулаах

Нууччалыы Ярко-пестрый, цветастый, со всевозможными узорами, узорчатый

  • Ойуур устун дьэрэкээн таҥастаах оҕолор сырсаллар (тааб.: моҕотой). Эбэ толоон -- алтан отунан аспыт, дьэрэкээн сибэккинэн тэлгэммит.
    Күннүк Уурастыырап
  • Саҥа дьыл харыйата -- араас дьэрэкээн уоттарынан дьиримнии, күндээрэ-сандаара, ыҥыра-тырымныы турар.
    П. Тобуруокап
  • Тэҥн. дьэрэкээ

2 аат тыл #

суолт. Эҥин эгэлгэ өҥ, ойуу, туох эмэ чаҕылхайдык эриэннэнэн-эгэлгэлэнэн көстүүтэ

Нууччалыы Разноцветность, пестрота, цветистость, узорчатость; изощренно-узорчатое яркое отражение чего-л

  • Арылыйар кустук дьэрэкээнэ, Сиппит ый көмүс мөһүүрэтэ барыта кинини [таптыы көрөр кыысчааммын] санатар!
    С. Васильев
  • Муостаҕа түһэн оонньуур Күнтэн сырдык дьэрэкээн. Таллан Бүрэ. Дьэдьэн, отон угунан Дьэрэкээнин тэлгэтэн, Илгэ сайын ийэбит Илэ-чахчы эргийбит
    А. Бродников

3 этии #

Нууччалыы Василистники (простой, вонючий, малый, скрученный)

Этиилэр

Дьэрэкээн от

үрдүк намчы умнастаах, дэлэгэй сэбирдэхтээх, күөх өҥнөөх бытархай сибэккилэрдээх элбэх сыллаах от үүнээйи Алаас кэриитигэр үүнэр дьэрэкээн от суурадаһынын дьон тымныйан ыарыйдахтарына иһэн үтүөрэллэрэ.

  • [Народнай медицинаҕа] дьэрэкээн отторунан сыыстарыыттан, мурун тымырыытыттан, баастан эмтэнэллэрэ. МАА КОЭҮү.

Дьэрэкээн өлүү

бопторор ыарыы (киһи, сүөһү тыына хаайтаран ыалдьар ыарыыта).

Эмфизема легких, болезнь, которая протекает со спазматическим кашлем, с приступами удушья.

  • [Атыыр оҕус:] Дьэрэкээн өлүү буолан, Үрүҥ күүгэнинэн күрдүргэччи аҕылаан, Тылбын былас таһааран, Айахпын аллаччы атан, Алтахтаан айаннаан ааһабын. Саха нар. ыр. I
    I. Ср
  • Алт. эрекен ‘бусы (крупные)’

«ДЬ» буукуба