ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүдьэй

туохтуур

Нууччалыы худеть, тощать, сохнуть

1 туохтуур #

Иин-хат, ыр (ситэ аһаабаттан, ыалдьартан эбэтэр ыар үлэттэн о. д. а.)

Нууччалыы Худеть, тощать, сохнуть (от недоедания, болезни, непосильной работы и т. п.)

  • Кини бүтүн ый кэриҥэ мэлийэн баран, сындалҕаннаах айантан чоройо дьүдьэйэн, иэдэһэ хараара иһэлийэн төннүтэлиирэ. Софр. Данилов. Тииҥ бэс туорааҕын элбэхтик аһылыктаннаҕына, туораах сымалата дьабадьытыгар сыстан, устунан уоһа бааһырар, ол бааһа оспот, аһыырын мэһэйдиир, онтон сылтаан тииҥ дьүдьэйэн өлөр.
    Я. Семенов
  • Уҥуохтаах тирии буола дьүдьэйбит, хапкаан соһуулаах бөрөнү эмиэ өлөрбүтэ
    ДьДьДь

2 туохтуур #

Улам мөкүтүйэн, кэрээҥҥиттэн тахсан ис (киһи майгыта-сигилитэ буорту буоларын туһунан)

Нууччалыы Становиться невыносимым, бессовестным, дурным

  • Маннык оонньууну [хаартыны] эккирэтиһэр киһи үлэтин-хамнаһын көрүммэт, -- суобаһа сууллар, майгыта дьүдьэйэр
    Эрилик Эристиин
  • Куһаҕан буол, буорту буол (хол., быраҕыллыбыт сир). Θ Приходить в негодность, портиться (о заброшенной земле). Дойдуну киһи киэргэтэр, Киһитэ суох сир дьүдьэйэр
    С. Данилов

3 туохтуур #

Сытыйан, буортутуйан туһата суох буол

Нууччалыы Приходить в негодность, портиться, разлагаться, гнить, протухнуть

  • Балык дьүдьэйбит, киһи сиэ суох.
  • [Тайах этэ] дьүдьэйэн, харааран барбыта да, чэпчэки сыаналаах булт этин сирэ-тала барбатахтара, дьон, кыра-кыра да буоллар, атыылаһан барбыта.
    А. Сыромятникова
  • Былырыын сайын хаппыыста сэбирдэҕин өҥө дьүдьэйбитин көрөн калийга наадыйбытын тута быһаарбыта. ФНС ХО. П. -монг. дьүдэ

«ДЬ» буукуба