Перевод с якутского
дьүрүскэн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы продолжительное мягкое, мелодичное, однообразно-повторяющееся звучание
1 аат тыл #
Намыыннык, биир күрүс уһуннук иһиллэр тыас (үксүн хомус тыаһын туһунан)
Нууччалыы Продолжительное мягкое, мелодичное, однообразно-повторяющееся звучание (обычно о звуке якутского национального инструмента – хомус)
Оркестр дьүрүскэнин кытары кини эт бэйэтиттэн арахсан, аҥаардас кулгаах-харах иччитигэр кубулуйан, бүттүүн үҥкүү алыбыгар ылларда.
Н. ЛугиновОл кэрэ-дьикти дорҕооҥҥо, Уйадытар уус хоһооҥҥо Саха этигэн хомуһун Дьүрүскэнэ холбоһор. И. Эртюков Ырыа-тойук, хомус дьүрүскэнэ – бу барыта Саха сирин -- норуоттарын саргылаах санаалара буолан, Москва эбэ хотуҥҥа дуораһыйда П. Аввакумов
2 даҕааһын #
Намыыннык, биир күрүс дьүрүһүйэн
Нууччалыы Продолжительный, мелодичный, благозвучный
Көт, саха кылыһах ырыата, Хомуһум дьүрүскэн тойуга, -- Саха дьон сүрэҕэ-санаата Холбоннун аан дойду хуоругар! Эллэй. Хомус. Сахам хомуһа. Эн дьүрүскэн тойуккар көрөбүн: Мирнэй куорат алгыстаах Туундара аар тутууларын, Бүтэй Бүлүү Баараҕай гидростанциятын Чэчир-76