ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лыҥкынаа

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы звонить; звенеть (напр

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Көтөр араас саҥатынан Күйгүөрэ сатараан, Хомусчааным лыҥкынаа, Күөрэгэйдии дьырылаа.
    П. Дмитриев
  • Истэбин: тутууга тимир лиҥкиниирин, Хатан ыстаал тардыллан лыҥкыныырын
    С. Васильев

2 туохтуур #

Хатаннык, чуордук доргуйан тыаһаа (хол., чуорааны, хатан тимири этэргэ)

Нууччалыы Звонить; звенеть (напр., о колокольчике и предметах со звоном - стали, металлических предметах и т. д.). [Бэйбэрикээн] тахсан ынаҕын ыы олорон истибит: хобо-чуораан лыҥкынаабыт, кыптыый тыаһа кыҥкыр гына түспүт

3 туохтуур #

Эрчимирэн тыастанар курдук тыҥаа, кыт аат

Нууччалыы Быть, становиться звонким, гулким от твердости, упругости (напр., о туго натянутом ремне)

  • Күүһүрэн-уоҕуран Күүстээх эттэрэ Күүрэ түстүлэр, Иэнэ дыыгынаата, Иҥиирэ лыҥкынаата.
    П. Ойуунускай
  • Сэтинньи саҥатыгар эбэ мууһа лыҥкыныы тоҥмут.
    И. Гоголев
  • Эрэй-муҥ санаата татымы Сарбыйан ат гынан көлүнэр. Эр бэрдин саһылдьыт айатын Лыҥкыныыр кирсинии эрчийэр
    Айталын

4 туохтуур #

Кэрэтик, чуордук иһилин

Нууччалыы Иметь приятное звонкое звучание, звучать звонко и красиво (напр., о женском голосе)

  • Аанчык түөһүн түгэҕиттэн таһаарар ыраас куолаһа наҕыллык лыҥкыныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Маайыс кэрэ куолаһа лыҥкынаан иһилиннэ
    Болот Боотур
  • Ордук чуордук иһилин, чуораадый. Θ Иметь особую звучность (о речи). Оо, сырдык, бачымах сулустар, Олус да үрдүккүт кыйааран! Хоспуттан дьулуһар, уот тымтар Хоһооннор көттүлэр лыҥкынаан.
    В. Сивцев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. дыҥкылда ‘издавать протяжные звуки на высоких нотах; звенеть’

«Л» буукуба