ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лаҥкынаа

туохтуур

Нууччалыы громко звонить, благовестить (напр

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Куукуна диэки тимир иһит муостаҕа түһэн лаҥкынаата. Софр. Данилов. Им балайга таҥара дьиэтэ, халлааҥҥа тиийэ харааран, -- куолакалын тыаһа лаҥкыныы турар
    Бэс Дьарааһын
  • Тугунан эмэ оннук тыаһы таһаар, тыаһат. Θ Греметь чем-л. (металлическим). Өрүүнэ алтан солуурдаах, хомуостаах дьиэттэн лаҥкынаан тахсан кэллэ
    Болот Боотур

2 туохтуур #

Хатаннык дуораһыйан тыаһаа (хол., куолакалы эбэтэр улахан тимир иһити этэргэ)

Нууччалыы Громко звонить, благовестить (напр., в колокола)

3 туохтуур #

Айаатаан эбэтэр улуйан дуораһыт

Нууччалыы Гулко и протяжно реветь или выть (напр., о быке, лосе, волке)

  • Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойдум Аллараа-үөһээ өттүнэн Албан аатыҥ Атыыр оҕус буолан Адаардаах аҕыс аартыкка Айаатаан лаҥкынаабыта.
    П. Ойуунускай
  • Аччык бөрө баҕайы Лаҥкыныы улуйан, Мэкчиргэ көтөр кэмэлдьи Кэниэрэ ыйманан, Биһиги өбүгэлэрбит Биэс саха саҕаттан -- Муҥнанан-сордонон олорбуттара буолуо эбээт.
    С. Зверев
  • [Ынах] түөрт атахтарын баҕана курдук даадаччы тэбинэн туран, маҥыраан лаҥкынаата.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Арай эмискэ ким эрэ кинини ыҥыран лаҥкынаата. Дж. Родари (тылб.)

«Л» буукуба