ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыаһат

туохтуур

Нууччалыы звонить по телефону

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

тыаһаа диэнтэн дьаһ. туһ. Аһыы олорон айаххын тыаһатыма, атаххын биэрэҥнэтимэ. Далан. Көтөр аал, курулаан-харылаан, Долгуйар салгыҥҥын саататар, Былыты быыһынан, кый халлаан Үрдүнэн мотуорун тыаһатар. Эрилик Эристиин. Иитээччи остуол үрдүгэр хахха туруорар уонна кини кэннигэр араас тыаһы тыаһатар: чуорааны, өтүйэни охсор, горуоҕу эбэтэр өрүс тааһын сүөкүүр, талах кырыымпаны тыаһатар. ОСБОо

2 туохтуур #

Төлөпүөнүнэн эрий, төлөпүөннээ

Нууччалыы Звонить по телефону

  • Пётр Петрович тыаһата сылдьыбыта. Нуу, ити төлөпүөннүү диэн этэбин.
    Э. Соколов
  • [Хапытаан Бондалетов] төлөпүөн үрдүгэр түһэн тойотторго тыаһатара да, холуочук дьоннор күлүү-элэк тылларынан сыҕааннаан эппиэттииллэрэ.
    П. Филиппов
  • Табаарыс майор, мин эһиэхэ маннык наадаҕа тыаһаттым
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Оройкуомҥа эн аҕаҕын үҥсэн тыаһаттылар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Мандаарап туһунан кэпсээн күүгүнэс, бырабылыанньа үрдүнэн үллэн олорор", – Аргылов таһы сымыйалаан тыаһатта
    В. Протодьяконов

3 туохтуур #

харыс т. Ыт (саанан)

Нууччалыы Выстрелить (из ружья)

  • Аарыма лөкөйү тыаһаттым

4 туохтуур #

көмө туохт. суолт. Сорох туохтууру кытта -ан сыһыат форматыгар ситимнэһэн, "тугу эмэ гынан саай" диэн суолтаҕа туттуллар (үксүгэр ханнык эмэ кутталлаах түбэлтэҕэ)

Нууччалыы В сочетании с некоторыми глаголами в ф. деепр. на -ан употребляется в значении "сделать что-л. неожиданное, рискованное"

5 этии #

Этиилэр

Сирэйин (сыҥааҕын) тыаһат көр сирэй

  • Сүөдэркэни сирэйин тыаһатан кэбиһэр.
    Н. Якутскай
  • Көрдөрөн туран балыйтарбыт абаккатын тулуйбакка, тойонун сирэйгэ тыаһаппыта.
    НС ОК

«Т» буукуба