Перевод с якутского
дьүүллээ
туохтуур
Нууччалыы судить
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Ким эмэ буруйу оҥорбутун иһин сууттаа (суут, хамыыһыйа эбэтэр ханнык эрэ сололоох соҕотох да киһи дьыаланы көрүүтэ)
Нууччалыы Судить (рассмотрение дела судебным органом, комиссией или отдельным лицом, наделенным властью)
Кутургуйа талбытыгар тахсар, тойон талбытынан дьүүллүүр (өс хоһ.). Атын ыстаап дьүүллээбит дьонун ытыалыыргын оччо өҥөҕө холуйбаппын ээ. Амма Аччыгыйа Анучин уурааҕы хайыта тыытан кэбиспит уонна сүдү буруйдааҕы [К. Г. Неустроева] бу курдук сымнаҕастык дьүүллүү сылдьаҕыт диэн улаханнык мөҕүтэлээбит П. Филиппов Олохтоммут бэрээдэги, сокуону кэспитин иһин буруйдаа, миэрэтэ биэр. Θ Обвинить, призвать к ответу, подвергнуть наказанию за нарушение установленного порядка, закона. Кэһэтэр гына дьүүллүүллэрэ буоллар үчүгэй буолуо этэ. А. Софронов
Өссө холобурдар (5)
Үлэттэн күрэнээччи, куоратынан-оройуонунан көлдьүн күүлэйдээччи урууларгын-аймахтаргын эмиэ дьүүллүүр инигин. С. Ефремов Дьаһал баар. Ону толоруоҥ суоҕа да бырабылыанньаҕа көрөн дьүүллүөхпүт ХС Кэлэктиип мунньаҕар, түмсүүтүгэр ким эмэ дьыалатын көр. Θ Рассматривать, обсуждать какое-л. дело на общем собрании, заседании. Кылбановскайы партийнай мунньахха дьүүллүөххэ диэн этиилэр кииртэлээн барбыттара. В. Яковлев Уолаттары кылаас мунньаҕар дьүүллээбиттэрэ. И. Федосеев Бу тойону сарсын мөскүөмүгэр [профсоюз месткомугар] дьүүллүүллэр үһү дуу? И. Семенов
2 туохтуур #
Уураахтаа, бириигэбэрдэ таһаар
Нууччалыы Выносить решение, приговор, приговаривать
Суут хаайарга дьүүллээбит. Үөс-батааска биэрбэтилэр – ыты сарсыҥҥы күн дьиэттэн суох гынарга дьүүллээтилэр Амма Аччыгыйа
3 туохтуур #
Тугу эмэ ханнык эмэ бэлиэлэринэн көрөн тойонноо, сыаналаа, түмүк оҥор
Нууччалыы Разобрав, рассмотрев что-л. сделать вывод, определить, оценить, придти к заключению
Ханан барар суолу көрдүүллэр, хастыы көһүнэн хардыылыыры дьүүллүүллэр. С. Васильев Бу кэмҥэ анарааттан үрдүк сүүстээх киһи бэстилиэтин өрө туппутунан, дьүүллээтэххэ, тугу эрэ хаһыытыы-хаһыытыы, сытар сыап иннигэр сүүрэн киирбитэ. Софр. Данилов. Ирина Сергеевна эмээхсини, туттарыттан-хаптарыттан, саҥатыттан-иҥэтиттэн дьүүллээн, үөрэхтээх, култууралаах киһи быһыылаах [дии санаата] С. Никифоров Сөбүн-кырдьыгын ырытан быһаар. Θ Рассудить, установить истину, решить, оценить. Итинник кыра суолу нэһилиэк кинээһэ дьүүллүүр баҕайыта. Н. Неустроев
Өссө холобурдар (1)
Тылбаасчыт үлэтин сыаналааһыҥҥа оригиналга баар биир эмэ тыл көтүтүллүбүтүнэн дуу, эбэтэр биир эмэ тыл ордук-хоһу киирбитинэн дуу дьүүллүүр адьас сыыһата биллэн турар. Софр Данилов
4 туохтуур #
Үчүгэйдик сыныйан, аахайан көр-иһит, болҕой
Нууччалыы Обратить пристальное внимание, внимательно изучать
Киирбит киһи кинилэри соччо дьон баалларын курдук дьүүллээбэтэх быһыынан аргыый сыгынньахтанан таҥаһын ыйаата. Н. Заболоцкай Дьүһүнүн-бодотун Дьүүллээн көрдөххө, Кыаһаан-кубархай сырайдаах, ¬¬-- Ырыа курдук ыллам майгылаах. С. Зверев Мин диэтэх киһи этэрбин Өйдөөн, дьүүллээн иһит эрэ! Ньургун Боотур
5 туохтуур #
Буруйун иһин өлөр, накаастаа
Нууччалыы Покарать за преступление, лишить жизни
"Муҥутуур дойду буойунун тойоно буол" диэн күтүр дойду түөкүннэрин дьүүллүүргэ, анараа дойду албынын дьаһайарга анааммын айбытым. Саха фольк Чолбону [киһи аата] мин дьүүллээбитим. Кини эһигини барыгытын атыылаабыта! И. Гоголев