ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэбдэй

туохтуур

Нууччалыы приподняться

1 туохтуур #

Өрө көтөҕүлүн, өндөй

Нууччалыы Приподняться

  • Тогойкин, күн өрө дэбдэйэн тахса илигинэ тиийдэрбин диэххэ айылаах, тиэтэйэн, сыыйа тэбэн сардырҕатан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Туллукчаана мичээрэн, хаастара өрө дэбдэйэн таҕыстылар, соҕотохто Хабыыча аттыгар баар буола түстэ, кууспахалаан, сыллаан-уураан барда.
    В. Протодьяконов
  • Имэ дэбдэйэр
    Кыым

2 туохтуур #

Санааҥ көтөҕүллэн тугу барытын кыайыах курдук санан, эрдийэн кэл

Нууччалыы Воспрянуть духом. Үһүөн иллэһэммит, аһынньык үтүө санаабытын холбоон, тыынар тыыннааҕы өлөртөн быыһаан, үөрэ, дэбдэйэ түстүбүт

  • Илья Васильевич онон санаата көтөҕүлүннэ, дэбдэйдэ, түүн аанньа утуйбата
    Н. Габышев
  • Киһиргээ, мин аҕай дэнэрдии тутун. Θ Хвастаться, проявлять легкомысленное хвастовство (от похвалы, поддакивания). Өскөтө мин туохтан эмэ дэбдэйэн, өргөйөн – сүөм үрдээбит курдук сананным, киэбирээри гынным да – ол атырдьах ыйынааҕы сарсыарданы саныыбын.
    Н. Габышев
  • Киһи барыта мүөттээх тыл тиийбэтинэн хайгыа – тоҕус үйэ тухары доҕор буоларга, аҕыс үйэ тухары атас буоларга андаҕайыахтара. Ол аайы эн үөрэн, дэбдэйэн өссө аһаҕас ытыстаныаҥ, өссө дьөлөккөй илиилэниэҥ
    Далан

«Д» буукуба