ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэгэс

туохтуур

Нууччалыы легким, изящным движением быстро вскочить, подняться, слегка выгнув спину. [Иза] дэгэс гынан ойон турбута, кылгас былааччыйатын көннөрүнэн имигэстик нусхалдьыйан ылбыта

1 туохтуур #

Кэдэччи туттан чэпчэкитик хамсанан эмискэ өрө көтөн ыл

Нууччалыы Легким, изящным движением быстро вскочить, подняться, слегка выгнув спину. [Иза] дэгэс гынан ойон турбута, кылгас былааччыйатын көннөрүнэн имигэстик нусхалдьыйан ылбыта

  • [Олег] үөрэн, холкутуйан, атыттан, бэлисипиэттэн түһэрдии, чэпчэкитик дэгэс гынан түстэ.
    Н. Габышев
  • Сыыр тахсыыта кэлбитигэр каюр наартаттан дэгэс гынан түһэ охсор. ДФС КК. Аан модьоҕотун бэрт үөрүйэхтик дэгэс гына атыллаан, үҥкүүлээри гыммыт курдук, атаҕын төбөтүгэр чэпчэкитик үктэнэн, Аанча киирэн кэллэ
    ХС

2 туохтуур #

(Илиигин) кыратык күөрэс гыннар

Нууччалыы Коротко взмахнуть вверх рукой. [Софья] ноталары арыйбыта, хаҥас илиитинэн дэгэс гынан, клавишалары охсубута

  • М. Горькай (тылб.)
  • Сылбырҕатык хамсанан түргэнник хаба тардан ыл. Θ Ловко и быстро взмахнув вверх рукой, схватить что-л., без лишних движений. Дарыбыан бэрэбинэҕэ батары охсуллан турар сып-сытыы сүгэтин дэгэс гыннаран, сулбу тардан ылбыта.
    Далан
  • Элиэ Сааба, сиргэ мүччү туппут бэрдээҥкитин дэгэс гынан ылаат, кыыл баһын туһаайан, бэрдээҥкитин чыыбыһын тардан кэбистэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Уол эрчимнээхтик ойон тураат, чаанньыгын тутааҕын үтүлүктээх хаҥас илиитинэн дэгэс гына харбаат, түннүк аннынааҕы остуолугар дьулуруйда
    ЭК

3 туохтуур #

Тугу эмэ чэпчэкитик көтөҕөн күөрэс гыннар

Нууччалыы Легко, без натуги поднять что-л. вверх

  • Тохороон Баһылай дабыкыччыйан кэлэн Чуркины көтөҕөн дэгэс гыннаран өрө аста
    Амма Аччыгыйа

«Д» буукуба