Перевод с якутского
дэгэт
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы оттенок, нюанс, тонкое различие
1 аат тыл #
1. Туох эмэ кыратык уларыйан, хос хатыланыыта, хос эбиллиитэ, эгэлгэлэниитэ
Нууччалыы Оттенок, нюанс, тонкое различие
Музыка дэгэтэ. Тыл дэгэтэ. Сылгы сүрүн өҥнөрүн дэгэттэрэ. Сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаатылар. Амма Аччыгыйа Хампаһыытар бэйэтин айымньытыгар норуот музыкальнай айымньытын бэлиэ дэгэттэрин, ураты национальнай туспатын бэркэ табан киллэрэр. "Кыым". Өйдөөн иһиттэххэ, ырыа дэгэтэ сахалыыттан букатын ураты этэ ХС
2 аат тыл #
Ыам ыккардыгар ынаҕы хос ыаһын
Нууччалыы Дополнительный удой коровы между доениями
Ынах дэгэтэ. Дэгэт ыам. Кини үүтэ уулаах буолбат дуо? Дьэ уонна туох дэгэтэ кэлиэй? Кини ууну кутар дуо? Кутар!!! Бүтэр онон! С. Федотов Барыларыгар хос дэгэт ааты биэртэлиир: "Саһыл-түөкүн, бөрө-обургу, эһэ-кырдьаҕас", – дэтэлиир. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Оҕом, бука, уус дэгэт тылынан тиһэн этэрэ эбээт, - диэтэ Толбооноп оҕонньор. М. Доҕордуурап Үөрэтэр үгэһинэн: "Сүрүн уонна дэгэт дорҕооннору билэн бараҥҥыт, тардар хомускут кыаҕын, кыамтатын биирдэ таайыаххыт", – диэн түмүктээн этэр К. Уткин
3 даҕааһын #
суолт. Хос суолталаах, эгэлгэлээх, араастаах
Нууччалыы Имеющий дополнительный смысл, оттенок
дэгэй (1) диэнтэн дьаһ. туһ. Эн ыытаҕын муора аалын Киэҥ далайгар дэгэтэн. И. Чаҕылҕан "Катюша" музыкатыгар дэгэтэн, Мин Катюшам, үҥкүүлүөх, Дьоллоох да дьон дэтэн, Доҕотторбутун үөрдүөх. И. Федосеев Кини атын үрдүгэр хапсаҕайдык олоро түһээт, бааһына таһынан ааһар суол устун сиэллэрэн дэгэтэн истэ. "ХС"