ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

толбон

аат тыл

Нууччалыы крапинка, пятно

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туохха эмэ чуоҕур курдук сырдык ойуу эбэтэр туспа хараҥа дьүһүн

Нууччалыы Крапинка, пятно

  • Сур самыытыгар уонна ойоҕосторугар үрүҥ толбоннордоох бэртээхэй ат.
    Н. Якутскай
  • Биир моҕой моонньугар таас харах курдук быһыылаах толбоннор бэрт чуолкайдык көстүбүттэрэ. ЛА ИУ. Ыйга баар хара толбоннору сахалар "ый иччитэ", "оргуһуохтаах кыыс" дииллэр
    КНЗ СПДьНь

2 аат тыл #

Күүскэ сырдыыр, тыгар эттик (хол., күн, ый) ыраахтан туналыйан көстүүтэ

Нууччалыы Издали отсвечивающее, отражение яркого светила (напр., солнца, луны), отлив, отблеск, отсвет

  • Ый толбоно туналыйа сырдаппыт кыараҕас ыллыгын устун хаамтаран тачыгыратан истилэр.
    Л. Попов
  • Истиэп уҥуор сырдыы түһэр Ый толбоно суһумнуу.
    П. Тобуруокап
  • Киирэн эрэр күн толбонугар күөл ньуура чаҕылыйа күлүмүрдүүрэ
    И. Федосеев

3 аат тыл #

Дьүһүн, өҥ араастык оонньоон көстүүтэ

Нууччалыы Перелив (всеми цветами радуги), переливчатость

  • Таҥнары туттахха, түүтүн төбөтө сырдык толбонунан оонньоомохтуур хара саһыл.
    Амма Аччыгыйа
  • Күн киириитэ Тоҥ чалбахха Толбон түспүт
    С. Данилов

4 аат тыл #

Киһи иэйиитэ, ис санаата, туруга тас көрүҥэр, сирэйигэр (үксүгэр хараҕар) көстүүтэ

Нууччалыы Проявление на лице различных чувств человека (обычно во взгляде)

  • Өлөксөй харахтарыгар улахан таптал, үөрүү сырдык толбонноро оонньуу тураллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Хараҕар эҕэлээх толбон көстөн ааста.
    А. Фёдоров
  • Наум кэтит сирэйигэр үөрүү толбоно түһэн, ис киирбэх буолан көһүннэ
    ХС

5 этии #

Нууччалыы Различие, дополнительный оттенок, нюанс значения, слова

Этиилэр

Күөх толбон көр күөх I

  • Күөх толбон сөтүөлүүрэ Көтөр-мөҕөр Бүлүүбэр.
    В. Потапова

Тыл толбоно

тыл хос суолтата, дэгэтэ Поэттар тыл араас толбонун табан тутталлар.

  • Ср. тув. долбан ʻрумянецʼ, бур. толбо ʻпятноʼ

«Т» буукуба