Перевод с якутского
толбоннон
туохтуур
Нууччалыы переливаться, блестеть; иметь пятно, крапинки
1 туохтуур #
Толбонноох буол, толбоннонон таҕыс
Нууччалыы Переливаться, блестеть; иметь пятно, крапинки
Даша баттаҕа хаарга наһаа харааран, мэктиэтигэр күөхтүҥү толбоннонон көстөр эбит. Амма Аччыгыйа Николай уу тымныытыттан мап-маҕан этэ онон-манан толбонноно кытаран таҕыста. Н. Якутскай Ардах түһээри гыннаҕына, Хотуур иэнэ күөх толбоннонор И. Баишев
2 этии #
Нууччалыы О масти лошади: серая в яблоках
Этиилэр
Оройун аһа толбонноммут көр орой
Таайым оройун аһа толбонноммут.
Толбонноох көҕөччөр
сылгы дьүһүнүн арааһа: хараҥа төгүрүк бээтинэлэрдээх көҕөччөр Хара сылгы сааһырдаҕына, толбонноох көҕөччөргө кубулуйар.
КДьО. Көҕөччөр сылгыны араастаан дьүһүннүүллэр: хара көҕөччөр, күөх көҕөччөр, толбонноох көҕөччөр, им көҕөччөр, тимир көҕөччөр, ОМГ ЭСС
Толбонноох ньуур көр ньуур
[Анараа киһи Тойон Дьаҕарыма бухатыыры] Толбонноох ньууруттан Тоҥсуйбутунан барда. Күннүк Уурастыырап [Киис Бэргэн:] Тоҕо эн толбонноох ньууруҥ, Сылаас субайыҥ аҕаабыт эмэгэт курдук Баланыйан хаалла? И. Гоголев