Перевод с якутского
дьиримнээ
туохтуур
Нууччалыы мигать, сверкать, блестеть, мерцать, переливаться
1 туохтуур #
Түргэн-түргэнник үрүт-үрдүгэр кылаҥныы, чыпчылыҥныы, элэгэлдьийэ, долгуннура хамсаа (чаҕылхай туох эмэ сырдык, уот, уу, кыым, салгын туһунан)
Нууччалыы Мигать, сверкать, блестеть, мерцать, переливаться (о ярком свете, огне, воде, искре, воздухе и т. п.)
Хара тыата күндү кылааннааҕынан суһумнуур, кылыгырас ыраас уута көмүс хатырыктааҕынан дьиримниир. Софр. Данилов. Ыраах-ыраах, халлаан соҕуруу улаҕатыгар, тунаархай дьэргэлгэн дьиримнээн барда. Амма Аччыгыйа Лена уута күннэтэ аайы атын-атын өҥнөнөр. Арыт күһүҥҥү тымныы тыалтан тоҥмут курдук эрэһэ долгунунан дьиримниир Н. Якутскай
2 туохтуур #
Туох барыта элэҥнээн, элэгэлдьийэн, долгуннуран көһүн (ыалдьыыттан, түҥ-таҥ буолууттан, кутталтан, түргэн сырыыттан, харах ууланыытыттан)
Нууччалыы Темнеть в глазах, рябить в глазах, заволакивать пеленой (из-за болезни, страха, быстрой езды и слез)
Мэхээчэ сордоох [Хабырыыс быһа-хото саҥарбытыттан] икки хараҕа тугу да көрбөт гына хараара-хараара дьиримнээтэ, көхсө атыйа-атыйа тымныйан-итийэн ылла.
П. Ойуунускай[Сүөмэ Чочур мыраан оройуттан туутунан анньынна] Хайыһардьыт киһибит Кулгааҕа куугунаата, Хараҕа дьиримнээтэ. С. Данилов Кулгаах куугунуур, Харах дьиримниир, От-мас суугунуур, Сир тигиниир. Аллаах бэрдэ Айаас соноҕос – Ханна тиэрдэр, Бу уот оноҕос? Л. Попов