Перевод с якутского
чыпчылый
туохтуур
Нууччалыы непроизвольно опускать и поднимать веки, моргать, мигать
1 туохтуур #
Кэмиттэн кэмигэр хараххын бэрт түргэнник симэн ыл (эт-хаан ирдэбилинэн)
Нууччалыы Непроизвольно опускать и поднимать веки, моргать, мигать
Сөдүөччүйэ, аан тыаһын истэн, күн сырдыгын көрбөт буолбут хараҕынан, чыпчылыйа-чыпчылыйа, олоотуур: – Хайа, бу хайаҕыт киирдэ? Н. Якутскай Мин уйан дууһалаах, били ырыаҕа ылланардыы чараас чарааһынан чыпчылыйбыт, минньигэс минньигэһинэн мичилийбит -- кыыһы талыам этэ. Далан Дьиэлээхтэр соһуйан хаалан тыыммакка да, чыпчылыйбакка да Күһэҥэй оҕонньору тобулу көрбүттэрэ Дьүөгэ Ааныстыырап
2 этии #
чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр (икки ардыгар) көр бэтэрээ. Көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, истэн баран эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр кэлэ оҕуста. Ньургун Боотур. Кини, чыпчылыйыах икки ардыгар таҥна охсоот, таһырдьа сып гынна. С. Никифоров. Бу охсуһуу барыта чыпчылыйыах икки ардыгар буолла. СҮК.
Нууччалыы В мгновение ока, в один миг
Этиилэр
Чыпчылыйыах иннинэ
олус кылгас кэмҥэ, хараххын симэн баран арыйыаҥ икки ардыгар Оҕом чыпчылыйыах иннинэ аҕала оҕуста.
"Чыпчылыйыах иннинэ" – биирдэ чыпчылыйан ыларга сөптөөх олус кылгас бириэмэ. ПАИ СМС
Көрүөх (чыпчылыйыах) түгэнэ көр түгэн II
Тустуук утарсааччытын чыпчылыйыах түгэнигэр тиэрэ хатыйан түһэрдэ. И. Семёнов Хаартыһыттар уолуйан чыпчылыйыах түгэнэ саҥата суох олорбуттара. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Чыпчылыйыах түгэнэ буккулла түһэн баран, кырдьаҕастарбыт строй иннигэр тахсан турдулар. И. Павлов Ср. бур. сабшаха, сабшалха ʽмигатьʼ, кирг. жыбыҥда ʽбыстро мигать, подмигиватьʼ