Перевод с якутского
чыпчылыҥнаа
Нууччалыы мигать, мерцать
Уотунан кылаҥнаа, дьиримнээ (сулустары этэргэ)
Нууччалыы Мигать, мерцать (о звёздах)
чыпчылый диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Мотя, тугу да өйдөөбөтөх курдук, чыпчылыҥныы турбахтаат, ытарҕата эйэҥэлии, хараҕа кырыылана түстэ. Э. Соколов Дириэктэр солуута суох чыпчылыҥнаан ылла, улаханнык куттанна быһыылаах. Эҕэрдэ СС. – Ханнык үҥсүү? – киһитэ бокуойа суох чыпчылыҥнаата. "ХС" Халлаан торҕо күөх суорҕанын саба тардынан, аата-ахса биллибэт оҕуруону ыспыт курдук, сулустарынан дьиримнии, чыпчылыҥныы оонньоон барда. П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
Бэл халлаан сулустара, куорат туманыттан өссө тэйбит курдук, чыпчылыҥныыллара. М. Попов Үрдүк мэҥэ халлаан Уоттаах сулустарынан чыпчылыҥныы, Уорастыйа одуулаан, Сир дьылҕатын дьылҕалыыллар. В. Лебедев (тылб.)