ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илибирээ

туохтуур

Нууччалыы трепетать, подрагивать

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

I. Чэпчэкитик, түргэн-түргэнник, төттөрү-таары охсуллан хамсаа (үксүгэр ыйанан турар таҥас, ханнык эмэ чэпчэки предмет)

Нууччалыы Трепетать, подрагивать (под внешним воздействием, напр., от ветра)

  • Сып-сытыы чээлэй күөх мутукча сандаҕыра наҕарбыт, ньирээйи сирэм тырымнаабыт, сэбирдэх илибирээбит.
    П. Ойуунускай
  • Оҕонньор хаана көҕөрчү өлөн хаалбыт, оспуоччук ойоҕо уҥаары байааттаҥныыр, Орунбаевтар соннорун тэллэҕэ илибириир.
    Эрилик Эристиин
  • Бырааба дьиэ үрдүгэр турар маҥан былаах куттаммыттыы илибириир.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник хамсаа, ибигирээ (үксүгэр уос, кыламан, илии эҥин туһунан)

Нууччалыы Дрожать (обычно о губах, ресницах, руках и т. п.)

  • Сүөдэр, харбыйбыт халтаһалара илибирии-илибирии, саҥата суох олорбохтоон баран, эмиэ саҥаран барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ньимийэн турар чараас уостара тугу эрэ сибигинэйиэх курдук илибирии түһээт, ньим баран хааллылар.
    Н. Заболоцкай
  • Кыламаннара илибирииллэр, оттон кирдээх куоптатын туомун иҥээһиннэрин туппахтыыр бөдөҥ бороҕудуйбут тарбахтара киһи билэр гына титирииллэр. М. Шолохов (тылб.)

3 туохтуур #

Ис-искиттэн дьигиһийэн титирэстээ (долгуйууттан, куттаныыттан, дууһа хамсааһыныттан)

Нууччалыы Быть охваченным внутренней дрожью (от какого-л. сильного чувства, волнения)

  • Силбиктээх илиибитинэн Сиспит үөһүн тардыһан, Үөлбүт мунду курдук Үрүҥүнэн-харанан көрөн, Иҥиир-ситиибит тардан Илибирии сытыахпыт баара дуо?!
    П. Ойуунускай
  • Оттон Ваня куттанан, икки хараҕын быһа симэн, мутугу ыга кууһан баран, илибирии эрэ олорбута.
    Суорун Омоллоон
  • Нарыл Чистякова тылыттан уйадыйар, хараҕыттан уу тахсар, сирэйин кистии тутар, санна илибириир.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • [Катя:] Ханна баарый кыайбыккыт, ханна баарый хоппуккут. Хата, ханнык эрэ гранататтан куттанан, уҥуоххут илибириир
    С. Ефремов

4 туохтуур #

Күүскэ, битигирэччи тэп, мөҕүс (сүрэх туһунан)

Нууччалыы Забиться часто и мелко (о сердце). [Ваня:] Эн ыҥырбыккар хайдах эрэ сүрэҕим илибирии түспүтэ

  • Ый сырдыгар икки илии Эриллээхтии түстүлэр, Сүрэхтэрэ илибирии Тилигирии тэптилэр. Эллэй. Тэҥн. илигирээ (3)

5 туохтуур #

Дьиримнии-дьиримнии, хамсыы-хамсыы сырдаан, кылапачыйан көһүн

Нууччалыы Поблескивать отражая колеблющийся свет, мерцать

  • Былаас хоодуот хотойдоро, туйгун бэртэрэ кытаран-ыгыстан бардылар, харахтарын уута элэктэриичэстибэ уотугар илибирээн, күлүмнүү-күлүмнүү, таҥнары мөлбөрүйдэ...
    П. Ойуунускай
  • Ити көстөр, күлүмнүүр Илибириир сииктэрбит Кууран сүтүөр диэритин Куһуйбахтаан иһиэҕиҥ!
    П. Тулааһынап
  • Күһүҥҥү уолбут өрүс уутун ньууругар сүүрүк устан илибирии долгуйар
    ХС

6 этии #

Нууччалыы соотв. У него поджилки трясутся (букв. у него полы пальто дрожат)

Этиилэр

Эҥээрэ илибириир

наһаа куттанан, долгуйан салыбырас, титирэс буолбут

«И» буукуба