ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

анна

аат тыл

Нууччалыы в форме дательно-местного падежа имеет служебное значение

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

көмө аат

Өссө холобурдар (1)
  • Роман Иван Петровичтыын трибуна саамай анныгар олордулар
    И. Никифоров

2 аат тыл #

ыарыы түһүк форматыгар көмө суолталанар

Нууччалыы В форме дательно-местного падежа имеет служебное значение

3 аат тыл #

Таһаарыы түһүккэ хайааһын предмет алын өттүттэн тахсарын, тэйэрин бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В исходном падеже употребляется при обозначении предмета, из-под которого исходит действие (из-под)

  • Ити кэмҥэ сыыр анныттан бэрт намылхай саҥа эҥээрийэн иһилиннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Анараа хоско орон анныттан биир чымадааны ылла.
    Н. Габышев
  • Көхтөөх күлүү утуйаары сытар уолаттары суорҕан анныттан туруортуур
    А. Федоров

4 аат тыл #

Туттуу түһүккэ хайааһын предмет алын өттүнэн, аттынан оҥоһулларын, тарҕанарын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В орудном падеже употребляется при обозначении предмета, под которым совершается, распространяется действие (под, ниже; из-под)

  • Хаҥас иэдэһин аннынан кыракый кимистигэс көстө түһэр.
    А. Федоров
  • Атым аргынньахтыы түспүт мас аннынан ыстанан эрэр эбит.
    Т. Сметанин
  • Кинилэр бассабыыктарга өстөөх баайдар түннүктэрин аннынан барар наадатыгар, быһа суолу хаалларан, дэриэбинэни эрийэ-буруйа бардылар
    Эрилик Эристиин

«А» буукуба