ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыпчылыйыы

аат

этии

  • чыпчылый диэнтэн хай. аата. Киһи дууһата уустук даҕаны… Биир чыпчылыйыы устатыгар дохсун сүүрүк курдук уон араас өҥүнэн оонньоон ылар…
    И. Гоголев
  • Кинилэр хас да чыпчылыйыы устатыгар ити курдук саҥата суох турбуттара. Д. Таас

Этиилэр

Чыпчылыйыы түгэнэ

чыпчылҕан түгэнэ диэн курдук (көр чыпчылҕан).

  • Аттаргыт ханнык эрэ чыпчылыйыы түгэнэ хорус гынан ылбыттара.
    И. Егоров
  • Саатар биир чыпчылыйыы түгэнэ Ираны көрөн ылбыт киһи!
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Дьахтар чыпчылыйыы түгэнигэр бэттэх диэки эргиллэн, сып-сырдык киэҥ харахтарынан көрөн сандаарыс гыннарда. "Чолбон"

«Ч» буукуба