ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

симириктээ

туохтуур

Нууччалыы прищурив глаза, часто моргать

1 туохтуур #

Харахтаргын быһыччы көрөн баран түргэн-түргэнник чыпчылыҥнаа

Нууччалыы Прищурив глаза, часто моргать

  • Уолугун төрдүн туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ, таныыта кычыгыланан, хараҕа симириктээн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Михаил Иванович хараҕын аһаат, түннүгүнэн хоһун иһигэр тыкпыт күн сырдыгыттан симириктии түстэ.
    Н. Лугинов
  • Кыыс Хотун дьахтар иннигэр киирэн симириктии турда
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Мөлтөхтүк, чыпчылыҥныы-чыпчылыҥныы умай

Нууччалыы Мерцать, мигать (о свете)

  • Ыһыырынньык чүмэчи симириктии турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Иван симириктии умайар чүмэчи сырдыгар ийэтин одуулаһа сытта. Софр. Данилов. Арай тимир оһох аанын быыһынан кытархай уот симириктээн ылара көстөр
    ХС

«С» буукуба