Перевод с якутского
сим
туохтуур
Нууччалыы набивать, что-л. чем-л. запихивать, заталкивать что-л. во что-л
English to blink
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Тугу эмэ туох эмэ иһигэр үрүт үрдүгэр толору хаалаа, ук
Нууччалыы Набивать, что-л. чем-л. запихивать, заталкивать что-л. во что-л
Удьурҕай хамсаҕа чаркааскай табаҕы ыга симэн уматынан, дьүккүйэ эҕирийэ-эҕирийэ, күөх буруонан өрүкүччү тыына олорор. Амма Аччыгыйа Сэмэнчик бэрт тиэтэлинэн, дьыалатын суумкатыгар бүк-тах тутуталыы-тутуталыы симэр. Н. Якутскай Хойуу сугуну өрүһүспүттүү икки илиитинэн турута тыытар уонна айаҕар симэр Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Кими эмэ күүс өттүнэн туох эмэ иһигэр хаай, киллэр
Нууччалыы Загонять, запихивать кого-л. куда-л. [Катя:] Мин ийэм сүрдээх баабый дьахтар эбитэ үһү
Кини кыыһырдаҕына, аҕабын орон анныгар симэн кэбиһэрэ үһү. А. Фёдоров Баксаал остолобуойун аҥаар өттүнээҕи дьон аһыыр улахан хоһугар бааһырбыт дьону толору симмиттэр. Эрилик Эристиин Хомуньуустары хаайыыга симэллэр И. Бочкарёв
3 туохтуур #
Тохтообокко үрүт-үөһэ саҥар
Нууччалыы Говорить безостановочно, без передышки
Митя үрүт-үөһэ симэн умайыктана турда. М. Доҕордуурап Мещеряков доҕорун Рубцову сынньана да түһэр бокуой биэрбэккэ эрэ боппуруоһунан симэр. И. Федосеев Өссө тугу эрэ элбэҕи этэн симтэ, сымнаҕас тыллаах-өстөөх этиргэн дьахтар Н. Габышев
4 этии #
Этиилэр
Түөһүн сим көр түөс
Килэбэчийбит уһун сааскалаах городовой -- иннигэр түбэспит дьоннору түөстэрин симэн биэрэр. Эрилик Эристиин Ээх, Кеша-Кеша! Эр киһилии эрчимнээхтик, ыарыылаахтык, түөскүн симэн биэрдэрбиэн. Күндэ
5 этии #
Нууччалыы Плотный, крепко сложенный, сбитый
Симмит курдук (симмиккэ дылы) - толору, чиҥ эттээх-сииннээх, модьу-таҕа, киппэ Виктор Иванович Быстров - түөрт уонугар чугаһаабыт, кытархай сирэйдээх, симмит курдук толору көрүҥнээх киһи. Н. Якутскай Иккиһэ, кыра соҕус гынан баран, симмит курдук модьу-таҕа көрүҥнээх киһи. П. Филиппов "Оннук-оннук, кыайбыккыт дьэ!" - дараҕар сарыннаах эрээри намыһах, симмиккэ дылы Уйгунньа күлэ олордо. А. Сыромятникова
6 туохтуур #
Халтаһаларгын силбэһиннэрэн хараххын сап
Нууччалыы Закрывать, смыкать глаза
Аанчык хараҕын симэн баран, төбөтүн хамсатан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Харайдаанап тииккэ көхсүнэн өйөнөн, хараҕын симэн сытта. Софр. Данилов. Хандыы хараҕын симэн турбахтаата А. Фёдоров
7 этии #
Нууччалыы Не сомкнул глаз
Хараҕын симмэтэ - утуйбата, утуйан көрбөтө Хамсалаах табах быстыҥа харахпын симмэтим. Амма Аччыгыйа Арыт түүн көрбүт хараҕын симмэккэ хонуталыыр. С. Никифоров Ылдьаа эрэйдээх бу түүн хараҕын симмэтэ. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (9)
Харахта симнэ - синэ биир диэн харса суох санааны ылынан, туохха эмэ сорунуу. Θ соотв. была не была, будь что будет. [Баһылай:] Харахта симнэ, кини суох буолара буоллар, ордук буолуо этэ. А. Софронов Харахта симнэ мин таһырдьаны былдьаһар киһи буоллум. ХС Оттон тоҕо көһүппэтэх өттүттэн, эмискэ соһуччу көһөн кэллэ? Миигин аһыннаҕа дуу, харахта симнэ синэ биир диэтэҕэ дуу? ХС Хараххын сим - суох буол, өл. Θ Умереть, скончаться. Буойун хараҕын симпитэ, Кырыыстаах буулдьа табан. Эллэй. Уһуннук хараххын эн симтиҥ, Доҕорбуот, үйэлээх албан аат! Күннүк Уурастыырап Сахаҥ сириттэн тэйэҥҥин Санаа-оноо саба баттаан, Хаарыан хараххын симэҥҥин Хара буору кууһан сыттыҥ? И. Чаҕылҕан симэ түс (симэн ыл) - утуйан ыл, утуйа түс. Θ Поспать немного, соснуть, вздремнуть. [Нүһэр Дархан:] Мааны ыалдьыттаар, кыратык симэн ыларбыт Хайдах буолуой? Сылайбыт быһыылааххыт. И. Гоголев Биһиги аҕыйах чааска харахпытын симэ түһэн, сарсыарда алта чааска уһуктан туруубутугар Бөрөлөөх дьоно хайыы-үйэ туран барбыттар этэ. Н. Заболоцкай Ааныс хаһан сынньанаахтыыра, хараҕын симэн ылара буолла. В. Иванов Ср. тюрк. йым, йум, ным ‘смыкать (веки), закрывать, зажмуривать (глаза)’