ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэлбэрит

туохтуур

Нууччалыы разбивать, раскалывать

1 туохтуур #

Тугу эмэ хайа барар, үлтүрүтэр курдук алдьат, хампарыт

Нууччалыы Разбивать, раскалывать

  • Таас да буоллар дэлбэритэр тэтимнээх дьон бандьыыттарга уун-утары кэлэн иһэллэр.
    Эрилик Эристиин
  • Дэриэспэ тааһы Динамитынан дэлбэритэн, Хаҥалас хайатын Халыҥ таһаатыттан Укулаат тимири Уһааран ылбытым
    С. Васильев

2 туохтуур #

Киһи дөйөр тыаһын (хаһыытын) таһаар

Нууччалыы Производить оглушительный шум (крик)

  • Хатан-хабараан саҥата Хайыта ыстанан барда, Суостаах суон модун саҥата Дэлбэриттэн барда.
    П. Ойуунускай
  • [Оҕонньор] муоһатын ыга тарта уонна эр бэрдинии хаһыытаан дэлбэриттэ. М. Шолохов (тылб.)

3 этии #

дэлбэритэ бар – хос-хос хатыланан лүһүгүрээ, ньиргий Икки уостаах саа утуу-субуу дэлбэритэ бардылар. Эрилик Эристиин. Төбөбүт оройунан хатан баҕайытык этиҥ дэлбэритэ барбыта. Ч. Айтматов (тылб.)

Нууччалыы Многократно загреметь, загрохотать

«Д» буукуба