ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ибиир

туохтуур

Нууччалыы моросить

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Бытархай таммахтарынан таммалаа, түс (ардах туһунан)

Нууччалыы Моросить (о мелком дожде)

  • Самыыр ибиирдэ.
  • Лоскуй былыт халыйан тахсан сылаас самыырынан ибиирэн ааспытыттан от-мас күөҕэ ордук чэлгийбиккэ дылы буолбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Үчүгэйкээн самыыр ибиирэригэр Үөрэммин тоһуйдум иһиппин.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Кэлэн истэхпитинэ быстах былыт ибиирэн, таҥаспытын илитэн, тоҥон бардыбыт.
    Н. Габышев
  • Тэҥн. ибиирдээ

2 туохтуур #

Уу бытархай таммахтарынан ыс

Нууччалыы Брызгать, обрызгивать, опрыскивать

  • Өтүүктээри таҥаһын уунан ибиирдэ.
  • Икки-үс таммаҕы Ибиирдэргин эрэ ойон туруоҕум.
    П. Ойуунускай
  • Фонтаммыт ибиирэр таммаҕа чуумпу түүн ньууругар чоккуруур
    А. Абаҕыыныскай

3 туохтуур #

Дэлэччи ыс

Нууччалыы Обливать, поливать чем-л. обильно

  • Ириэнэх илгэнэн ибиирэр.
    С. Зверев
  • Ыт Халчаак киэҥ Сибиир үрдүгэр Бүтүннүү хаанынан ибиирбит.
    Эрилик Эристиин
  • Күн уота улуу куруҥу саба ибиирэ турар
    Күндэ

4 этии #

Этиилэр

Сиэллээх ибиир хамыйах көр хамыйах

  • Алгыыр киһи сиэллээх ибиир хамыйаҕы ылар. Саха нар. ыр. I
    I. Ср
  • тюрк. сэп 'сыпать, сеять, брызгать'

«И» буукуба