Перевод с якутского
ибирдээ
туохтуур
Нууччалыы еле-еле шевелиться, дрожать, подрагивать
1 туохтуур #
Биллэр-биллибэттик ибигирээн хамсаа (хол., киһи уоһа)
Нууччалыы Еле-еле шевелиться, дрожать, подрагивать
Үүт-үкчү бэски курдук биэтэҥнээн, атаҕа ибирдээн, уу баһан иһэр эбит.
П. ОйуунускайУоһун уһуктара ибирдииллэр. Амма Аччыгыйа Киһим улахан баҕайытык көрөр, уоһа ибирдиир. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Күндү Москватыттан арахсар кэмэ-кэрдиитэ субу ыган кэлбититтэн сүрэҕэ ытырбахтаата, кыламана ибирдээтэ Л. Попов
2 туохтуур #
Бытархай таммахтарынан таммалаа, түс (ардах туһунан)
Нууччалыы Моросить, накрапывать мелкими каплями (о дожде)
Ибирдээбит итии самыыр, Кустук тыкпыт алаарыйа И. Гоголев
3 туохтуур #
, фольк. Мэһэйдээ, мэһэйдэ үөскэт
Нууччалыы Создавать в чем-л. помеху, препятствие
Илин өттүбүн ибирдээмэҥ, иэдээҥҥэ охсумаҥ!
П. Ойуунускай