Перевод с якутского
иирт
туохтуур
Нууччалыы вводить в заблуждение, сбивать с толку, запутывать. [Ньукулай:] Арай мин сонунум диэн аҕам оҕонньор миигин үҥэн нэһилиэги иирдэн эрэр, бүгүн дьүүллүүр күннэрэ
1 туохтуур #
Таба суолтан туоратан бутуй, булкуй
Нууччалыы Вводить в заблуждение, сбивать с толку, запутывать. [Ньукулай:] Арай мин сонунум диэн аҕам оҕонньор миигин үҥэн нэһилиэги иирдэн эрэр, бүгүн дьүүллүүр күннэрэ
Онуоха эбии тойоно иирдэн кэбиһэн, көрүөҕүн да көрдөрбөт, саныаҕын да санаппат буоллаҕа үһү. Н. Заболоöкай. Холкуос тойотторун иирдэҥҥин холкуоһу үрэйтэрэргэр тиийбит үһүгүн А. Федоров
2 туохтуур #
сөбүлээб. Бэйэҕин сөбүлэтэн, таптатан, кими эмэ сиэри-майгыны кэһэргэ угуй
Нууччалыы Влюбить в себя, вскружить голову, соблазнять, морочить голову кому-л
Арай биирдэ, Быстахов эдэр кыыһы иирдибит диэн сурах институт иһигэр өрө үллэ түспүтэ.
Н. ЛугиновЫал олоҕун алдьатарга тиийдэ, кэргэннээх киһини иирдэн эрэр. М. Попов Ол үөннээх иирпитин, эрбин былдьаан эрэрин ордугун собус-соруйан мин хааммын хамсатан, эйигин аны мунньах аайы хайгыырыгар күөмэйэ бүтэр буолбат дуо? Дьүөгэ Ааныстыырап
3 туохтуур #
Сүөгэйи күүгэннириэр, хойдуор диэри ытыгынан булкуй (арыы оҥороору)
Нууччалыы Взбивать из сливок или сметаны масло
Биир сарсыарда туран, Таал-Таал эмээхсин икки ынаҕын сүөгэйин долбууруттан ылан, иирдэн талыгырата олордо. Саха фольк Кэл, сүөгэйгин аҕалан иирт, тымныйан хаалыа. А. Софронов Ити икки ардыгар ийэм сүөгэйин иирдэн бүтэрдэ Н. Заболоöкай