Перевод с якутского
илбиһир
туохтуур
Нууччалыы стать одержимым духом, страстью кровопролития
1 туохтуур #
Имэҥирэн, эттиин-хаанныын кычыгыланан туран кыргыһыыга, хааҥҥа баҕар
Нууччалыы Стать одержимым духом, страстью кровопролития
Хатан батыйа хааннырда, Уһуктаах тимир унньугурда, Биилээх тимир илбиһирдэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТөһө да саанан, түрмэнэн дибдийбиттэрин иһин, ытарынан-ыйыырынан илбиһирбиттэрин иһин, фашист аармыйатын күүһэ-уоҕа улам симэлийэн-мөлтөөн иһэрин кэпсээтэ. Амма Аччыгыйа Бар дьон хаанын халытыыга фашист илбиһирдэ Эллэй
2 туохтуур #
Тугунан эмэ наһаа үлүһүй, сэтэрэн, кыдьыгыран туран оҥор
Нууччалыы Быть одержимым страстью к чему-л
Биир бириэмэҕэ этэр тылынан илбиһирэн, хомуһуннаах тойугу туойан баран, күүһүҥ-күдэҕиҥ баранан, өйүн-санааҥ ыаммыт курдук кураанахтанан -- тойугу туойбакка сылдьаҕын.
Суорун ОмоллоонКыталык ыллыыр илбиһирэн, Сир тапталын туһунан. С. Данилов Бандьыыттар илбиһирэн туран кырбаатылар Кыым