ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илибирэс

даҕааһын

Нууччалыы дрожащий, трепещущий, трясущийся

II

даҕааһын

Дьигиһийэн ылар, титирэс; тэлибирэс

Нууччалыы Дрожащий, трепещущий, трясущийся

  • илибирээ диэнтэн холб. туһ. Оҕонньор сирэйэ мырдыстан барда, халтаһалара илибирэстилэр, көрбөт буолбут көмүскэлэриттэн бөдөҥ таммахтар мөлбөрүстүлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол боробуос богуоннарын кэннилэринэн Орунбаевтар илдьирийбит сонноро илибирэһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Дороххой сэбирдэхтэр илибирэһэ хамсыыллар. А. Федоров
Өссө холобурдар (3)
  • Үс үүт маҥан булгунньах Үрүт өттүгэр Үүнэн турар Илибирэс сэбирдэхтээх, Икки салаалаах Нуоҕай маҥан хатыҥ...
    П. Ойуунускай
  • Билиҥҥэ диэри бу баар курдук өйдүүбүн кыыс кытарбыт, кыбыстыбыт сирэйин, илибирэс итии тарбахтарын уонна ураты истигэн этин!
    Далан
  • Илибирэс сэбирдэхтээх күөх иирэлэр, уу ньуурун таас сиэркилэ оҥостоннор -– улуутуйан көстөллөр
    В. Сыромятников

«И» буукуба