ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иниэрсийэ

аат тыл

Нууччалыы инерция.

1 аат тыл #

физ. Эттик хамсаабакка хааларын эбэтэр биир кэмник көнөтүк хамсыырын тутуһар туруга; баар туруктан тахсыбат буолуу

Нууччалыы Инерция. Иниэрсийэ баар буолан, баран иһэр аптамабыылы, трамвайы эбэтэр поеһы эмискэ тохтотон кэбиһиэххэ сатаммат. ПАВ Ф-7. Сөмөлүөт өрө ходьох гынарга дылы гынна да, көтөн испит иниэрсийэтиттэн, окуопабыт нөҥүө өттүгэр тиийэн, үлтү түһэн барчаланна. И. Сосин

2 аат тыл #

Саҥалыы уларыйбакка уруккулуу баран иһии, тугу эмэ гыныы

Нууччалыы Движение, деятельность, характеризующаяся отсутствием позитивного, нового, прогрессивного

  • Лиичинэскэ сүгүрүйүү саҕана дьон этигэр-хааныгар иҥэн-олорон хаалбыт өй-санаа иниэрсийэтэ, кини хаалынньаҥ көстүүтэ билигин да букатыннаахтык ааһа илик.
    Далан
  • Өссө баар – иниэрсийэ диэн тыл. Ол аата биир туруктаах буолуу. Үгүстүк иһиттим: "Күн баччатыгар диэри маннык да үлэлээн кэлбиппит!" – диэн
    Э. Соколов

«И» буукуба