ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ини-бии

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы родные братья

1 аат тыл #

Бииргэ төрөөбүт убайдыы быр аат

Нууччалыы Родные братья

  • Икки ини-бии Баайдарын барытын бадахтаан Аҥаардаһан бараннар, Аҥыы-аҥыы айхал тардыһа Арахсан хааллылар.
    А. Софронов
  • Үс ини-бии бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн, өйөһөн-тайаһан ыал буолан, буруо таһааран, сэниэ дьон аатыран олорбуттар.
    А. Бэрияк
  • Ини-биилэр, Чуукардаах Баһыыкка иккиэн булчут аххан оҕонньоттор
    Л. Попов

2 даҕааһын #

суолт. Уруулуу, чугас-чугас, майгынныыр (хол., идэлэр)

Нууччалыы Родственный, сходный; близкий (напр., о профессии)

  • Илин былдьасыһан Иирсэн этиһэҕит да, Иһээччи да, илээт да Иккиэн даҕаны Иитэ-саҕата көстүбэт, Иннэ-кэннэ биллибэт Ини-бии идэлэр ини
    А. Софронов

3 этии #

Нууччалыы Очень дружно, мирно (жить) (букв. как родные братья)

Этиилэр

Ини-бии курдук (кэриэтэ)

олус иллээхтик, эн-мин дэһэн, нэмнэрин билсэн Саастарын кэриэтэ ини-бии кэриэтэ эйэлээхтик олорбут ыаллар.

  • Дьүөгэ Ааныстыырап. "Коля, түөрт сылы быһа ини-бии курдук олорон бараммыт, эмискэ арахсан хааларбыт куһаҕана, хомолтото бэрт буолууһук," – диэхтээтэ уонна санныбар илиитин уурда. Р. Кулаковскай

«И» буукуба