Перевод с якутского
интэриэс
аат тыл
Нууччалыы внимание, проявляемое к кому-чему-л., преимущественная направленность мысли на какой-л. объект
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Болҕомто кимиэхэ-туохха эмэ туһуланыыта; болҕомто
Нууччалыы Внимание, проявляемое к кому-чему-л., преимущественная направленность мысли на какой-л. объект
Онон улахан интэриэспин суоппарга ууран иһэбин. С. Ефремов Киин математическай сурунаалларга кини үлэтин туһунан ыстатыйалар тахсыбыттара. Ону киэҥ научнай эйгэ бэрт улахан интэриэһинэн көрсүбүтэ
Н. Лугинов
2 аат тыл #
Туохха эмэ наадыйыы, кыһалҕа, баҕарыы
Нууччалыы Нужды, потребность, заботы
Нэһилиэктэр эрэпкиэмнэрин састаабыгар, ордук бэрэссэдээтэллэригэр, чахчы кыра дьон интэриэстэрин көмүскүүр дьон буолаайаллар диэн сүүмэрдии туран анаммыта. Эрилик Эристиин Оробуочайдар интэриэстэрин туруулаһан көмүскүүр хаһыакка кубулуйбута. Софр. Данилов. Бэйэ туһа диэн олустуо суохтааххын. Бэйэ уонна уопсастыба интэриэһэ дьүөрэлэниэхтээх Далан
3 аат тыл #
Ким эмэ туһата, барыһа
Нууччалыы То, что составляет благо кого-чего-л., служит на пользу кому-чему-л.; выгода
Сэрии ким интэриэһигэр буоларын, кини ис төрүөтүн чахчы дьиҥнээхтик ырытан билбэтэхтэрин да иһин, кыра дьон интэриэһигэр буолбатаҕын ким барыта сабаҕалыыр дьыалата этэ. Эрилик Эристиин Хайа да уопсастыбаҕа салайыыны производство сириэстибэлэрин бас билээччилэр бэйэлэрин интэриэстэригэр олохтууллар. ЭБТ. Сэбиэскэй дьон бэйэмсэх, тус бэйэлэрин интэриэстэрин эрэ көрөөччү буолбаттар ПБН КДьСО
4 аат тыл #
Туохха эмэ көҕүйүү, дьулуһуу, тугунан эмэ көҕүтүү
Нууччалыы Заинтересованность
Онтон бурдугу үүннэриигэ итинник материальнай интэриэс билиҥҥитэ биирдии мэхэнисээтэргэ да, хаһаайыстыба салалтатыгар да суох. П. Егоров Итинник [фара уотугар] муна сылдьар барахсаттары [куобахтары] кыдыйаллар ээ. Итиннэ бултуурга туох интэриэс баарый? Р. Кулаковскай Киһи ханныгын да иһин кэлэр кэмтэн хайаан да үчүгэйи эрэ көһүттэҕинэ сатанар. Саатар олоххо интэриэһин сүтэрбэт наадатыгар.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Русск. интерес