ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

барҕа

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы обильный, неистощимый

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Олус элбэх, аһара дэлэй (хол., баай)

Нууччалыы Обильный, неистощимый (напр., богатство)

  • Дойдубут дуолан күүһэ туругура турарыгар, Олохпут барҕа кыаҕа Ордук хаҥыырыгар - Санаа далааһына хабарын Саха барытын сатыырын!
    Күннүк Уурастыырап
  • Баҕарабын холкуостаах дьоннорум Барҕа быйаҥы оруохтарын, Оттон бэйэм айар хоһооннорум Оннук оргуйа туруохтарын.
    И. Эртюков
  • Эн курдук көҥүл күүстээх, Эн курдук барҕа былаастаах Туох кэлиэй Бу орто туруу бараан дойдуга Аламай маҥан күммүт барахсан!
    С. Данилов

2 даҕааһын #

Толору көрүҥнээх, баһырхай, үөскүлэҥ

Нууччалыы Крупный, большой, богатырского сложения

  • Барҕа быччыҥ өрө тыыллар. Эллэй. Бааһын уҥунуохтаата, Барҕа куҥнарын имэрийдэ, Аҕыйах таммаҕы Айаҕар кутан биэрдэ.
    П. Ойуунускай
  • Бэйэтэ [Тойон Ньургун бухатыыр] - барҕа бэйэлээх, баараҕай быһыылаах, бухатыырга сөптөөх бөдөҥ туруу киһи. ПЭК ОНЛЯ II
  • Марсель куорат күлүм-чаҕыл, Барытыгар баар баай, барҕа...
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Баарбын барытын Баттаабакка, бараппакка Бар дьон барҕатыгар Быраҕар майгылаахпын, Барыгыт барҕалаан Бастааҥ-атахтааҥ
    А. Софронов

3 даҕааһын #

Уостан хаалбат күүстээх (хол., санаа); уолан бүппэт толору (хол., дьол)

Нууччалыы Непреклонный, стойкий (дух), переполненный; полный (счастье)

  • Баҕарабын сэгэрбэр Барҕа дьолу тосхойуохпун, Тапталлаах кэрэ сирбэр Туһалаах киһи буолуохпун
    С. Спиридонова

4 аат тыл #

суолт., поэт. Туох эмэ баайа-талыма, уйгута, быйаҥа

Нууччалыы Благо, обилие, изобилие

5 этии #

Нууччалыы Неиссякаемое, неистощимое богатство

  • Барҕа баай - хаһан да сүппэт, быстар диэни билбэт дэлэй баай Кинигэ - барҕа баай (өс хоһ.). Сир ийэ - биһиэнэ! Сирэм күөх - биһиэнэ! Баараҕай күүспүтүн Барҕа баай үппүтүн Ким кыайыай! Ким хотуой!
    П. Ойуунускай
  • “Баай байанайым Барҕа баайыттан Быраҕан биэрдэҕэ, Арыы тыам аһыырга анаатаҕа” - диэн Уоһун иһигэр Ботур-ботур ботугураата.
    А. Софронов
  • Барҕа махтал - истиҥ махталы биллэрэр саҥа аллайыы. Θ Возглас, выражающий искреннюю благодарность; огромное спасибо. Серго Орджоникидзены көрсөн, Бар дьонум аатыттан Барҕа баһыыба туттаран, Ис сүрэхпиттэн уруйдаатым, Иэдэһиттэн убураатым.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
  • Бу дойду дьоннорун барҕа махталларын поэт “Булчут эбээн бэлэҕэ” диэн поэматыгар суруйар. Софр. Данилов. Барҕа малааһын - элбэх киһилээх улахан малааһын. Θ Богатый, роскошный пир. Ол дойдуга [Тааттаҕа] Улахан урууларга, Ытык ыһыахтарга, барҕа малааһыннарга Алҕатар дьаһаллаахтар эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Икки нэһилиэк бар дьонун үөрдэ-көтүтэ, үҥсүүтүн түмүгүн барҕа малааһынынан бэлиэтээн, аатын-суолун ыытыах буолбута. Күннүк Уурастыырап

«Б» буукуба