ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыы-быччары

даҕааһын

Нууччалыы до краёв, доверху, до самого верха (напр

1 даҕааһын #

даҕ

  • Таһараа тордоххо уонча киһи аһыыр улахан солууругар ыы-быччары эт буһаран ыргыппыттар.
    Болот Боотур
  • Быйыл саас от үрэҕинэн халаан уута киирэн, күөлү ыы-быччары толорбут.
    Г. Нынныров
  • Эн сылайдаргын даҕаны, киһи бэрдэ, биэдэрэҥ ыы-быччары отон этэ.
    ДС

2 даҕааһын #

Иитинэн быччайыар диэри, таһынан барыахха айылаах, тобус-толору (хол., иһити этэргэ)

Нууччалыы До краёв, доверху, до самого верха (напр., о сосуде)

3 даҕааһын #

Туох эмэ иһэ (хол., саала) туоларын муҥунан, тобус-толору

Нууччалыы До отказа, переполненный (напр., зал)

  • Стадиоҥҥа киһи ыы-быччары, билиэт булбатах дьон ааҥҥа үтүрүһэллэр.
    Е. Неймохов
  • Бөһүөлэк чугаһынааҕы көлүччэҕэ мороду үөрэ ыы-быччары түспүт. ЕАИ СА. Саала иһигэр ыы-быччары киһи бөҕө мустубут, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүр
    ХС

«Ы» буукуба