ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыргый

туохтуур

Нууччалыы вариться в большом количестве, заполнив собой до краёв какую-л. ёмкость

1 туохтуур #

Күөс иһитигэр тобус-толору угуллан, арыы-хоргун аллан бус (куһуогунан буһарыллар эмис эти этэргэ)

Нууччалыы Вариться в большом количестве, заполнив собой до краёв какую-л. ёмкость (обычно о жирном мясе)

  • Оһоххо кураанах мас тигинэччи оттуллара, хобордооххо арыылаах алаадьы сырылыыра, эмис эт күөскэ буһан ыргыйара.
    Далан
  • Сарсыныгар эмиэ күөс муҥунан, элбэх эт буһан ыргыйан, дьоро, кыһалҕата суох киэһэ буолла.
    Болот Боотур
  • Холумтаннарга күөстэр сибилигин өлөрүллүбүт ынах, сылгы этинэн толору симиллэн өрүллэн ыргыйбыттара
    Чолбон

2 туохтуур #

Тугунан эмэ туол, саба бүрүлүн, туохха эмэ бүтүннүү ыллар

Нууччалыы Быть заполненным, охваченным, туго набитым чем-л

  • Салгын, күн уотуттан ип-итии буолан ыргыйан турбут хоско, сайа охсон киирдэ.
    В. Протодьяконов
  • Уһаайбатыгар саатар хортуоска олордубатаҕа, билигин сыыс отунан бүөлүү үүнэн ыргыйан аҕай турдаҕа
    Күрүлгэн

«Ы» буукуба