ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ирдэс

Нууччалыы разыскивать путем выяснения, расспросов

1 #

Ыйыталаһан, сураһан, ирдэһэн, туоһулаһан көрдөө

Нууччалыы Разыскивать путем выяснения, расспросов

  • ирдээ диэнтэн холб. туһ. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн эмиэ Болот кэнники дьылҕатын туһунан ирдэһэн көрүөхпүт.
    Н. Заболоцкай
  • Дьоно миигиттэн Өндөрөй кинилэргэ ыыппыт дьааһыгын ирдэстилэр.
    Н. Якутскай
  • Костя сөҕөр да, хомойор да, эмиэ да суругу ситэри ирдэспиттэриттэн үөрэр. Н. Габышев
Өссө холобурдар (4)
  • Хаайыыттан тахсан баран дьоммун ирдэспитим, дьоммун да буолаахтаан – миэхэ сүрэҕим чопчута Костигым сыысчаана олус күндү, кинини эрэ көрүөхпүн баҕарарым.
    ХС
  • Кырдьар сааспар бу оҕолорбун бэйэм ирдэһэ баран иһэбин.
    Н. Габышев
  • [Солко:] Киһи киһини наадалаах буолан ирдэһэр буоллаҕа дии.
    С. Ефремов
  • "Уотунан оонньуур дьоннор бааллар, ирдэһиэм, сирэйдэрин хараардыам," – диир үһү Андриан Корнилов
    М. Доҕордуурап

2 #

көр ирдээ (3). Дириэктэр Сутурукуоп уруккуттан да үлэ чааһын ирдэһэ үөрүйэх киһи, билигин мүнүүтэтигэр тиийэ аахтарар. У. Нуолур

  • көр ирдээ (2). Өксүүнньэни сирдьит оҥостон, сымнаҕас акка мэҥэстэн ыалларга сылдьан араас кэпсэтиилэри оҥорор, иэһин-күүһүн ирдэһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини манна кур иэһин ирдэһэ, эргинэ, таарыччы маннааҕы ыал кыыһын улахан уолугар Кэлэҕэйгэ кэргэн ыла кэлиэхтээх.
    Н. Заболоцкай
  • "Үөттээх" ыалыгар нолуогу ирдэһэ Өкүүчэ бу баран иһэр. С. Васильев

«И» буукуба