ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

искэх

аат тыл

Нууччалыы икра рыбья

English roe

I

1 аат тыл #

Балык ууһууругар ыыр сымыыттара

Нууччалыы Икра рыбья

  • Ийэ ууларга Иһитэн кэбиспит Искэхтээх балыга -- Искэҕин ыан, Ирбэнньик ыччаты элбэттэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Оҕонньортон сүрдээх искэхтээх обургу балыгы ыллыбыт. Баһылайбыт ол балыгы астыы-үөллүү, искэҕин туустуу, лууктуу оҕуста.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһын кини эйигин таба этинэн, чоҥкутунан, туустаах искэҕинэн, балык өрөҕөтүнэн, курупааскы миининэн, моруоска отонунан күндүлүөн сөп.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. ички, ичек, ишэк ‘внутренность, кишки’
II

2 аат тыл #

, эргэр. Кыра тугу эмэ (үксүгэр көннөрү тарбаҕынан таба тутуллубаты) ытыртаран ылар сэп

Нууччалыы Щипчики для извлечения занозы, пинцет

  • Оок-сиэ, искэҕинэн тардан ылар...
    Н. Заболоцкай
  • Аҕыйах бытык онон-манан үүммүтүн искэҕинэн үргүү турда.
    Болот Боотур
  • Ср. тюрк. искек ‘маленькие щипцы’

«И» буукуба