ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

испиискэ

аат тыл

Нууччалыы спичка.

English match

I

1 аат тыл #

Уот уматтарга аналлаах, төбөтүгэр сиэрэлээх синньигэс мас тоһоҕоһо

Нууччалыы Спичка. Ол киирэн, аан аттыгар туран эрэ, испиискэбин уматан баран, өйдөөн көрбүтүм, хаҥас диэки биир өлбүт табаны, сүлбэккэ эрэ ардьаах маска өйөннөрө туруоран кэбиспиттэр. Н. Неустроев. Моонньун ыгдаччы туттан, тыалы күлүктүү олорон, икки ытыһын иһигэр уматыллыбыт испиискэнэн табаҕын уматан, тыал хоту аһыы буруону бурҕайталаата. Эрилик Эристиин. Онтон бэргэһэтин сулбу тардан ылан күлүктэтэ тутан, испиискэ уматта. Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Испиискэ хаатыныын бүтүннүү

Нууччалыы Коробка спичек

  • Испиискэ, икки-үс кутуу чэй, кыра быһычча быһах биэрэриҥ буоллар, Акулина Николаевна...
    Амма Аччыгыйа
  • Маны көрбүтэ, кугас торбос тириитэ матаҕа буолан биэрдэ. Иһигэр испиискэлээх, куруускалаах, куобах туһахтаах уонна хаппыыт-хаппыт килиэптээх.
    Суорун Омоллоон
  • Дьэллик маҥнай туох да наһаа куттанна, бэйэтэ да өйдөөбөккө, сиэбиттэн испиискэтин ойутан таһаарда
    Н. Заболоцкай
II

3 #

түөлбэ. Таҥас ыйыыр көхө

Нууччалыы Деревянный крюк на стене для одежды, вешалка

  • Үтүлүгүн истэнэҕэ испиискэҕэ ыйаан кэбиспит. Русск. спичка уменьш. от спица ‘деревянный гвоздь для вешания’

«И» буукуба