Перевод с якутского
испиир
аат тыл
Нууччалыы спирт.
English spirits, alcohol
1 аат тыл #
Дьэҥкир дьүһүннээх, киһи бэлэһин уотунан салаан киирэр аһыы амтаннаах убаҕас (сэлиэһинэйтэн, хортуоппуйтан уо. д. а. элбэх крахмаллаах, саахардаах бородуукталартан оҥоһуллар)
Нууччалыы Спирт. Доропуун оҕонньор испиири уулаан, остуол үрдүгэр килбэтэн кэбистэ. Н. Заболоцкай. Луохтуур аргыый аҕай испиирдээх баатанан ыраастык соппута. И. Федосеев. Эн, кырдьык, бэрээдэк киһигин: Испиири, арыгыны испэккин, Табахтыыр идэни билбэккин, Биэчэрдиир мэниги сирэҕин. П. Тобуруокап
2 этии #
Нууччалыы Не разбавленный питьевой спирт
Этиилэр
Тыыннаах испиир
ууламматах чыыстай испиир Бандьыыттар аһаары отууну тула мусталлар, хас да иһит тыыннаах испиири аҕалаллар.
[Толль] илиҥҥи норуоттар үгэстэринэн, ытыһыгар тыыннаах испиири кутан баран били көрбүт сирин диэки туһаайан ыһыахтаата. П. Филиппов Хаһан эмэ, биллэн турар, тоҥноҕуна-хаттаҕына, тыыннаах испиири да кэтэрдэр буолара да, аһыы ууга баҕас сааһыгар ылларбатаҕа. В. Гаврильева